Орджоникидзе болуоссатыгар сонун Харыйа сырдыгынан сыдьаайда
Киин куорат Орджоникидзе болуоссатын харыйатын быйыл Дьокуускай куорат мээрийэтэ тупсаран оҥорбутун олохтоохтор уонна ыалдьыттар истэ-билэ сылдьар буолан, Харыйа уоттара күлүмүрдүүрүн көрөөрү болуоссакка баппат киһи муһунна.
Ыраахтан-чугастан бэрт элбэх киһи кэлэн, өр күүтүүлээх Харыйа уота быйыл уратытык умайда. Бу туһунан кэпсэппит дьонум санааларын үллэһиннилэр.
Тулагы Киллэмтэн педагогическай үлэ бэтэрээнэ Людмила Дмитриева бүгүн Харыйа уотун көрөөрү анаан оҥостон кэлбит.
— Болуоссаппыт наһаа да тупсубут! Саҥа дьыл тыынын аҕалар тэрээһини тэрийбиттэригэр түбүктээх үлэлээх мээрийэ үлэһиттэригэр махталбын тиэрдэбин, — диэн санаатын үллэһиннэ бэтэрээн учуутал.
Оттон Венера Назарова оҕолорун кытта Нам Хамаҕатыттан Харыйа уота умайарын көрөөрү анаан бэҕэһээ кэлбиттэр.
— Баҕабыт хоту олох харыйа анныгар туран, уот күлүмүрдүү умайарын көрдүбүт. Кырачааннарым астыннылар аҕай. Арай киһитэ элбэҕэ бэрт буолан, бырааһынньыктыы киэргэммит массыыналары кыайан көрбөтүбүт. Чэ, тэлэбииһэргэ көрөр инибит. Кылаабынайа, Харыйа уотун көрдүбүт. Дьиэбитигэр Харыйабыт эмиэ турбута. Онон Саҥа дьылга бэлэммит!, — диэн кэпсээтэ дьоллоох ийэ.
Горнай улууһун Маҕараһыттан былырыын куоракка көһөн кэлбит Мария Михайлова 2011 сылтан Харыйа уота умайарын көрө илик эбит.
— Болуоссат наһаа тупсубут. Харыйа уотун көрө кэлбит киһи наһаа элбэх эбит. Маннык тэрээһини оҥороллоро үчүгэй. Киһи сырдыкка, ырааска, кэрэҕэ, үйэлээхтэр тардыһар, — диэн бэлиэтээтэ сэһэргэһээччим.
Киин болуоссаттарбыт харыйаларын уота күлүмүрдүү умайан, Саха сиригэр Саҥа Дьыл тыынын аҕаллылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: