Орджоникидзе түмэл-дьиэтэ саҥардылынна
Хаҥалас улууһугар Покровскайга федеральнай суолталаах култуура нэһилиэстибэтэ буолбут дьиэни саҥардан оҥордулар.
Бу дьиэҕэ 1916-1917 сылларга Григорий Константинович Орджоникидзе олорбута. Бырайыактыыр-симиэтэ докумуона өссө 2021 сыллаахха улуус дьаһалтатын сакааһынан оҥоһуллубут. Оттон үлэ былырыын ыам ыйыттан саҕаламмыт, «Историческая память» баартыйа бырайыагын иитинэн. Бу «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа өйөбүлүнэн чөлүгэр түһэриллибит Саха сиригэр история уонна култуура бастакы пааматынньыга.
Үлэҕэ Покровскай куорат олохтоохторо көхтөөхтүк кыттыбыттар. Сүрүннээн кырыыһатын, баалкытын, аанын, түннүктэрин оҥорбуттар.
Пааматынньыгы 2025 сылга сайын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйар былааннаахтар. Оттон алтынньы 16 күнүгэр түмэл-дьиэҕэ Хаҥалас улууһун бэтэрээннэригэр анаан экскурсия оҥоруохтара.
Дьиэ 1912 сыллаахха тиит мастан тутуллубут, Г буукуба курдук быһыылаах. Дьиэ амбулаторияҕа уонна балыыһаҕа анаммыт.
Билигин Г.В.Ксенофонтов аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл дьиэтэ буолан турар. Кэлэр өттүгэр манна Григорий Орджоникидзе олоҕун уонна үлэтин көрдөрөр, кэпсиир экспозицияны туруоруохтара.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: