Оренбург уобалаһын олохтоохторугар көмөлөһөллөр
Дьокуускай олохтоохторо Оренбург уобалаһыгар сааскы халаантан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмөлөһөллөр.
Биир бастакынан биэнсийэҕэ олорор Сергей Шалагин көмөлөһө кэллэ. Кини Уопсастыбаннай көмө ыстаабыгар (Курашов уул. 24, 405 хоско, төл.42-14-21) холбуйанан наадалаах малы-салы, саҥа таҥаһы-сабы аҕалла. «Кыһалҕа барыбытын холбуур, түмэр. Кыах баар буоллаҕына, дьоҥҥо көмөлөһүөххэ наада», — диир кини.
Санатар буоллахха, Дьокуускай Уһук Илиҥҥэ бастакынан Орскай олохтоохторугар көмөнү оҥорор туһунан биллэрбитэ.
Урал өрүстэн куораты хаххалаан турбут даамба муус устар 5 күнүгэр тоҕо барбыта. Ол түмүгэр, Оренбург уобалаһыгар бүгүҥҥү күҥҥэ 10,3 тыһ. тахса олорор дьиэ уонна 12,8 тыһ. тахса уһаайба ууга былдьанан турар. Биллэринэн, ордук улаханнык эмсэҕэлээбит Орскайга 6 995 уһаайбалаах олорор дьиэ халаан уутугар былдьаммыта.
Тэрилтэлэртэн Алексей Колодезников генеральнай дириэктэрдээх «Сахатранснефтегаз» АУо хампаанньа холобур көрдөрдө.
«Маннык балаһыанньаҕа түбэспиттэргэ туох баҕарар көмө наада. Мин хас да сыл ыксаллаах быһыы-майгы боппуруостарын сүрүннээбитим, маннык түбэлтэлэри көрсүбүтүм, билэбин. Түргэн көмө наада буолааччы. Холобур, сыттыктарынан, утуйар таҥаһынан-сабынан, аһынан-үөлүнэн, о.д.а. Онтон уу түстэҕинэ, сири-уоту ыраастыырга, нэһилиэнньэлээх пууну өрө көтөҕөргө, чөлүгэр түһэрэргэ биригээдэлэр наадалар», — диир кини.
Манна норуот дьокутаата Елена Голомарева дьон-сэргэ сарсыардаттан ыстаапка мал-сал, таҥас-сап аҕалалларын этэр.
«Тоҕус уонус сылларга Саха сиригэр Ленскэй ууга барбыта. Биһиэхэ онно Арассыыйа бүттүүнэ көмөлөспүтэ. Куораты туппуттара, даамбаны оҥорбуттара. Билигин Оренбург олохтоохторугар көмөҕө ыҥырыыны Саха сирин олохтоохторо ылыныахтара, көмөҕө кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбин. Сотору кэминэн көмө наадалаах сиригэр тиэрдиллиэ», — диир кини.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: