Оренбург уобалаһын олохтоохторугар көмөлөһөллөр

Share

Дьокуускай олохтоохторо Оренбург уобалаһыгар сааскы халаантан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмөлөһөллөр.

Биир бастакынан биэнсийэҕэ олорор Сергей Шалагин көмөлөһө кэллэ. Кини Уопсастыбаннай көмө ыстаабыгар (Курашов уул. 24,  405 хоско, төл.42-14-21) холбуйанан наадалаах малы-салы, саҥа таҥаһы-сабы аҕалла. «Кыһалҕа барыбытын холбуур, түмэр.  Кыах баар буоллаҕына, дьоҥҥо көмөлөһүөххэ наада», — диир кини.

Санатар буоллахха, Дьокуускай Уһук Илиҥҥэ бастакынан Орскай олохтоохторугар көмөнү оҥорор туһунан биллэрбитэ.

Урал өрүстэн куораты хаххалаан турбут даамба муус устар 5  күнүгэр тоҕо барбыта. Ол түмүгэр, Оренбург уобалаһыгар бүгүҥҥү күҥҥэ 10,3 тыһ. тахса олорор дьиэ уонна 12,8 тыһ. тахса уһаайба ууга былдьанан турар. Биллэринэн, ордук улаханнык эмсэҕэлээбит Орскайга 6 995  уһаайбалаах олорор дьиэ халаан уутугар былдьаммыта.

Тэрилтэлэртэн Алексей Колодезников генеральнай дириэктэрдээх «Сахатранснефтегаз» АУо хампаанньа холобур көрдөрдө.

«Маннык балаһыанньаҕа түбэспиттэргэ туох баҕарар көмө наада.  Мин хас да сыл ыксаллаах быһыы-майгы боппуруостарын сүрүннээбитим, маннык түбэлтэлэри көрсүбүтүм, билэбин. Түргэн көмө наада буолааччы. Холобур, сыттыктарынан, утуйар таҥаһынан-сабынан, аһынан-үөлүнэн, о.д.а. Онтон уу түстэҕинэ, сири-уоту ыраастыырга, нэһилиэнньэлээх пууну өрө көтөҕөргө, чөлүгэр түһэрэргэ биригээдэлэр наадалар», — диир кини.

Манна норуот дьокутаата Елена Голомарева дьон-сэргэ сарсыардаттан ыстаапка мал-сал, таҥас-сап аҕалалларын этэр.

«Тоҕус уонус сылларга Саха сиригэр Ленскэй ууга барбыта. Биһиэхэ онно Арассыыйа бүттүүнэ көмөлөспүтэ. Куораты туппуттара, даамбаны оҥорбуттара. Билигин Оренбург олохтоохторугар көмөҕө ыҥырыыны Саха сирин олохтоохторо ылыныахтара, көмөҕө кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбин. Сотору кэминэн көмө наадалаах сиригэр тиэрдиллиэ», — диир кини.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

8 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

12 часов ago