Оренбургскай уобалас олохтоохторо айылҕа иэдээнигэр түбэстилэр

Share

Хаар ууллуутун саҕана, муус устуутун кэмигэр нэһилиэнньэлээх пууннар олохтоохторугар  ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр. 

Бэҕэһээ Оренбургскай уобалас Орскай  куоратын олохтоохторо айылҕа иэдээнигэр түбэстилэр — олорор дьиэлэр, социальнай эбийиэктэр ууга бардылар.

«Даамба тоҕо баран, федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэрилиннэ. Бу маннык ыарахан түбэлтэҕэ биһиги туора туран  хаалбаппыт. «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаны өйөөччүлэр сэбиэттэрэ эрэгийиэннээҕи исполкому кытта Уопсастыбаннай өйөбүл ыстаабыгар гуманитарнай көмөнү хомуйууну көҕүлүүр. Уустук балаһынньаҕа түбэспит Оренбургскай уобалас олохтоохторугар көмөлөһөргө ыҥырабыт. Кыра уонна обургу оҕолор таҥастара, түргэнник буорту буолбат  ас-үөл, ону таһынан күннээҕигэ туттуллар табаар (товары первой необходимости) олус наадалар. Онон, күндү биир дойдулаахтарбыт, Дьокуускай куорат Курашов уулуссатын  24 нүөмэрдээх дьиэтигэр 405 кэбиниэккэ,  Уопсастыбаннай өйөбүл ыстаабыгар гуманитарнай көмөҕүтүн кэлэн туттараргытыгар ыҥырабыт», —  диэн «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаны өйөөччүлэр сэбиэттэрин эрэгийиэннээҕи салаатын салайааччыта, «Сахатранснефтегаз»  ААУо  генеральнай дириэктэрэ  Алексей Колодезников бэйэтин kolodeznikov_alexey t.me ханаалыгар ыҥырыы таһаарда.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Биэнсийэ үрдүүрүгэр көтүтүллүбүт индексациялары учуоттуохтара

Арассыыйа социальнай пуондата үлэлиир гражданнарга биэнсийэни индексациялааһыны быһаарда. Индексацияны суоттааһыҥҥа 2016 сылтан ыла бары көтүтүллүбүт…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар туһунан кэпсэтии буолуоҕа

СӨ тырааныспар уонна суол Хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, социальнай…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин олохтооҕо ТНТ ханаал «Ярче звезд» биэриитигэр кытынна

Саха сирин олохтооҕо Денис Харисов ТНТ ханаал ыытар "Ярче звезд" биэриитигэр кытынна. Бу биэриигэ кыттааччылар…

48 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥаласка 1964 с.т. эр киһини өлөрдүлэр

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр түөрт буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Хаҥалас улууһугар "Улуу…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Сергеевич Николаев РФ Конституциятын күнүнэн эҕэрдэлиир

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Россия Федерациятын Конституциятын күнүнэн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн — Арассыыйа Конституциятын күнэ

Ахсынньы 12 күнэ – Арассыыйа Федерациятын Конституциятын ылыныллыбыт күнэ. 1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа…

2 часа ago