«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

Share

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын «Орешник» диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини этэринэн, бу улахан тыастаах бойобуой блоктаах орто ыраахха көтөр баллистическай ракета буолар. Түргэнэ — сөкүүндэҕэ 2-3 килэмиэтир. Бу туһунан РИА Новости саайт суруйар.

Ракета кэлэн түһэр хаартыскаларын көрдөххө, «Орешник» хас да чааска араарыллар эбит. Ортотунан 1000-5000 км ыраахха тиийэ көтөр. Маннык тиипкэ сэбиэскэй «Пионер» РСД-10, «Рубеж-26» киирсэллэр диэн суруйаллар. Бу «Рубеж» ракета 2027 сылга диэри госбырагыраамаҕа хапсыбатаҕа. Ону Днепропетровскайга кэлэн түһүү кэнниттэн Украина эспиэрдэрэ «Рубеж» ракета кэлэн түстэ диэн быһаарбыттар.

Интэриниэккэ тарҕаммыт видеонан көрдөххө уонна алтата кэлэн түһүүнэн сылыктаатахха, «Орешник» ракета алта блоктаах буолуон сөп. Кэлэн түһүү кэнниттэн тоҕута тэптэрии буолбата. Барыллаан, ракета кэлэн түһүүтэ бойобуой блоктарынан — болванкаларынан бэриллэр быһыылаах диэн саайт суруйар. Ракета дэлби тэптэриитэ да суох, кинетическэй күүһүн көмөтүнэн кэлэн түспүт сиригэр улахан хоромньуну оҥорор кыахтаах.

РИА Новости суруйарынан, «Орешник» утары «ырысыап» суох.
What’s your Reaction?
+1
4
+1
1
+1
1
+1
0
+1
3
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

6 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

6 часов ago
  • Сонуннар

Оҕолор нэһилиэктэрин сонунун куйаар ситимигэр таһаардылар

Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…

7 часов ago