Оробуочай бөлөх байыаннай дьайыылар боппуруостарынан Төрдүс дакылааты дойду Бэрэсидьиэнигэр ыытта

Share

Оробуочай бөлөх байыаннай дьайыылар боппуруостарынан Төрдүс дакылааты дойду Бэрэсидьиэнигэр ыытта. Ол туһунан «Биир ньыгыл Арассыыйа» Генсоветын сэкэритээрэ Андрей Турчак иһитиннэрдэ.

Онно эрэгийиэннэргэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ туһаныахтаах өйөбүллэригэр биир кэлим стандарты киллэрэргэ этиллэр.

Ол курдук өйөбүл эбэһээтэлинэй дьаһалыгар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро оскуолаҕа уруок кэнниттэн хаалан эбии дьарыктаныыга (продленка), сиэксийэлэргэ уонна куруһуоктарга бастакынан киллэриллиэхтээхтэрэ, олох-дьаһах уонна коммунальнай өҥөҕө чэпчэтиилээх төлөбүр оҥоһуллуохтааҕа, оҕо саадыгар төлөбүртэн босхолооһун, тырааныспар нолуогар, чэбдигирдэр лааҕырдарыгар, 5-11 кылаастарга диэри оҕолорго аһылыкка чэпчэтии көрүллүөхтээҕэ ыйыллыбыт.

Итини таһынан байыаннай дьайыы кыттыылааҕа диэн социальнай паспорт киириэҕэ, онон байыастар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ инникитин сөптөөх көмөнү ылыахтара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

4 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

7 часов ago