Ородьумаан Суор Уолугар хоһоон анаата
Суруйааччы Валерий Никифоров-Суор Уола Украинаҕа байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар. Суор Уолугар анаан Ородьумаан хоһоон анаабыта бассаабынан тарҕанна.
Суор Уола Украинаҕа бу иккис сырыыта. Бастакы сырыытын туһунан манна ааҕыҥ.
Доҕорбор Суор уолугар
Барда доҕорум Суор уола.
Аттанна эр бэрдэ сэриигэ.
Инники баар кини суола.
Эйэни олохтоору бу сиргэ.
Кинини ким да күһэйбэт,
Бэйэтин санаата буолбата.
Маннык түгэн уонна кэлбэт,
Ол иһин кини талбыта.
Хараҕар ытаабыт эмээхсин көстөрө,
Кыһыл былаах тэлимниирэ,
Тэпсэн барбыттара өстөөхтөрө!
Ытыы сытаахтыыр эмээхсин,
Ким эрэ ийэтэ буолаахтыа.
Иирбит хохуол симэхсин.
Кини үтэһэтэ туолаахтыа!
Оҕону ,дьахтары аһыммат,
Дьиэлэрин күл — көмөр оҥорор!
Эйэлэһэн киһи туһаммат,
Америка соругун толорор!
Сэрии толоонуттан Суор уола,
Бааһырбыт дьону соһоро.
Ааҥнаабатын сор суола,
Аһаҕас баас оһоро.
Кыайыы биһиэнэ буолуоҕа,
Кэлиэҕэ кыайыы көтөллөнөн!
Ыра санаа туолуоҕа,
Хара дьай төлө сөллөн !
Ородьумаан
06.10.2022.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: