Ороһу нэһилиэгин эбээлэрэ харысхал сиэккэ өрдүлэр
Байыаннай дьайыыга кыттар саха эр дьонугар Саха сирин бырабыыталыстыбата, улуус, нэһилиэк, биирдиилээн дьон, түмсүүлэр тылынан-өһүнэн, аһынан-үөлүнэн, таҥаһынан-сабынан, тиэхиньикэнэн, харысхал тэрилинэн ахсаабат көмөнү оҥороллор. Бу туһунан «Үөһээ Бүлүү» хаһыат суруйар.
Ороһу нэһилиэгиттэн сылын ахсын көмө бара турар, өссө да барыа турдаҕа. Балаҕан ыйыттан саҕалаан «Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэрэ харчынан кыттыһан, олохтоох дьаһалта (баһылык Антонов А.В) алта тыһыынча эбии үп-харчы көрөн, сиэккэ таҥас матырыйаалын ылбыттара. Салайааччы Котоконова Надежда Васильевна көҕүлээһининэн, Ильина Мария Николаевна, Соломова Галина Ивановна, Ласточкина Анна Степановна, Малахаева Евдокия Николаевна, Гольдерова Ульяна Федоровна, Прокопьева Александра Спиридоновна, Туралысова Екатерина Алексеевна илиилэрин араарбаакка 3×4 иэннээх икки харысхал сиэккэтин өрдүлэр, баһыылкалаан ыытаары бэлэмнээтилэр.
Эбээлэр кыһамньылаах, сылаас илиилэринэн оҥорбут сиэккэлэрэ харысхал буолан, саллааттары өлөр өлүүттэн өрүһүйэн, доруобай эргиллэн чугас дьоннорун кытта үөрэ-көтө олордуннар диэн хас биирдии киһи баҕа санаата туолуохтун!
Нина Михайлова
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: