Бэҕэһээ Үөһээ Бүлүү Ороhутугар Байанай ыйыгар аналлаах, нэһилиэккэ олорон ааспыт элбэх оҕо аҕата, Аҕа дойду сэриитин ветерана, үлэ ветерана, биллиилээх булчут, социалистическай күрэх кыайыылааҕа Михаил Давыдович Иванов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах «Байанайдаах булчуттар» күрэс буолан ааста.
Күрэҕи Михаил Давыдович Иванов оҕолоро, сиэннэрэ, Ороhутааҕы сынньалаҥ киинэ, «Ороhу нэhилиэгэ» МТ дьаһалтата көҕүлээн тэрийдилэр.
Күрэххэ 4 хамаанда икки түһүмэххэ илин-кэлин түһүстэ. Ол курдук, булчуттар «Тайах буутун сүгүү» тоҥуу хаарынан сүүрүү (бэрэмэдэй сүгэhэрдээх), «Тииҥи харахха» сыал ытыыта, «Булчут кутаата» уот оттуута, муус алларан чэй өрүүтэ, «Илим түhэриитэ», «Аты көлүйээhин, сыбыдахтааhын», «Булка тэринии» саа ыhыыта-хомуйуута, «Тобуллаҕас толкуй» боппуруостарга эппиэт, «Кырынаастааhын», «Ойбонтон уулааhын» өбүгэ оонньууларыгар,
«Моҕустар күрэхтэрэ» аhас дьон күрэхтэригэр тургутугу аастылар.
Түмүккэ, 1 миэстэни олохтоох дьаһалта, кулууп үлэһиттэрин «Байанай» хамаандалара кыайыы өрөгөйүн билэн, М.Д. Иванов оҕолоро, сиэннэрэ туруорбут 100 000 солк. суумалаах «Байанай» маҕаһыынтан сэртипикээтинэн наҕараадаланнылар.
2 миэстэ — «Дьөһөгөй»,
3 миэстэ — «Мохсоҕоллор»,
4 миэстэ — «Баартаах Маппый» хамаандалара буоллулар.
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
От ыйа сайын үгэнэ, сайын оройо. Аан Алахчын хотун Ийэбит ыйа хайдах буолуой? Бэс ыйын…
Удачнай куорат борокуратуурата анаммыт накаастабыл кээмэйэ кыратынан сибээстээн, суут уурааҕын апелляция бэрээдэгинэн үҥүстэ. Ол уурааҕынан,…
Бүгүн Оһуокайбыт түһүлгэтигэр субуотунньуктаатыбыт. Мустуубут боппуруоһунан түмсүү сэбиэтэ Оһуокай ыһыаҕын тэрийиигэ сүбэлэстибит. Бастатан туран, Нерюнгрига…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн бааннар кирэдьиит биэрэллэригэр кирэдьиит устуоруйатын учуоттаабат буоллулар диэн сымыйа сурах тарҕанна.…
Бу сыл тохсунньуттан ыам ыйыгар диэри «Якутскэнергосбыт» хампаанньа 50 мөл. солк. тахса суумалаах хомунаалынай өҥөлөр…
Политолог, суруналыыс Чокуур Гаврильев ырытар.