Салгыы
Ороһуоспа алыптаах күннэригэр — ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлгэ

Ороһуоспа алыптаах күннэригэр — ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлгэ

Ааптар:
03.01.2025, 14:05
Хаартыска: sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Ороһуоспа алыптаах күннэригэр эһигини СӨ Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлигэр күүтэллэр.

Тохсунньу 3, 4, 5 уонна 6 күннэригэр СӨ Национальнай өйуулуур-дьүһүннүүр түмэлигэр Ороһуоспатааҕы тэрээһиҥҥэ ыҥыраллар. Бу алыптаах күннэргэ түмэлгэ эһиэхэ эрэ анаан бэртээхэй экскурсиялар, «Тайна волшебного зелья!» квест-оонньуу, маастар-кылаастар, аккырыыкка оҥоруу кистэлэҥэ, «Рождественские каникулы в музее» ыытыллаллар.

Быыстапкалар уонна экскурсиялар

10.00-17.30 ч.

Түмэлгэ кэлбит ыалдьыттар бэрт элбэҕи сонургуу көрүөхтэрэ. Манна Саха сирин ааттаах-суоллаах худуоһунньуктарын быыстапкалара күүтэллэр. Ол курдук, угуйар, ыҥырар ураты хартыыналары, муос оҥоһуктары биһирии көрүөххүт, болҕомтоҕутун ууруоххут.

«Тайна волшебного зелья!» квест-оонньууга кыттыҥ

13.00 уонна 16.00 ч.

Бу күн аптаах курдук сананан ылыаххыт, остуоруйаҕа ыалдьыттыаххыт. Манна эһиги билиигитин-көрүүгүтүн тургутуоххут. Өйдүү-саныы сылдьарга бириистэри тутуоххут. Квест-оонньууга хамаандаларга уоннуу киһи оонньуур.

Маастар-кылаастаргы сылдьыҥ

11.00 уонна 15.00 ч.

Маастар-кылааска сырыттаххытына, уруһуйдуурга үөрэтиэхтэрэ. Бэртээхэй сүбэнэн-аманан бэйэҕит  хартыына уруһуйдаан үөрүөххүт.

«Мастер Graff» маастар-кылааска

12.00 ч.

Манна сылдьыбыттар аккырыыкканы хайдах оҥорон таһааралларын көрүөххүт, кистэлэҥтэн кыратык сэгэтиэххит. Сыл бэлиэтин, оһуордары хайдах оҥоруохха сөп эбитий?

«Рождественские каникулы в музее»

12.00 уонна 15.00 ч.

Остуоруйаҕа ыалдьыттыаххыт, бэртээхэй маастар-кылааһы көтүтүмэҥ. Бу күннэргэ маастар-кылаастарга сырыттаххытына элбэҕи билиэххит, үөрэниэххит. Маны сэргэ, эһигини Тымныы оҕонньор уонна Хаарчаана эҕэрдэлиэхтэрэ.

Сиһилии 8 (4112) 33-52-79 нүөмэргэ эрийэн ыйытыҥ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 января
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: