Ороһуоспа түүнүгэр кэлэр сайыны билгэлииллэр
Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан күн-дьыл туругун уонна инникитин хайдах буолуохтааҕын айылҕа уларыйыытынан, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хамсаныытынан кэтээн көрөллөрө уонна эндэппэккэ билэллэрэ. Аныгы курдук синоптиктар суох кэмнэригэр, төрүттэриттэн бэриллибит күүстэригэр эрэ итэҕэйэллэрэ.
Төһө да күн-дьыл ааспытын иһин, саастаах өртүлэрэ ол үгэһи тутуһаллар. Иннокентий Сосин, Иннокентий Неустроев 1992 сыллаахха Саха сиринээҕи «Кинигэ» уопсастыбатыгар таһаартарбыт «Сахалыы күнү-дьылы билгэлээһин» диэн кинигэлэриттэн, өбүгэлэрбит кыһынын туохха олоҕуран билгэлииллэрин туһунан билиһиннэрэбит.
1. Ахсынньы ый бэс ыйыгар түбэһэр.
2. Ахсынньыга тымныы, хаара суох буоллаҕына, бэс ыйыгар кураан буолар.
3. Ахсынньы хаардаах уонна сылаас буоллаҕына, сайын саҕаланыытыгар тымныйар.
4. Ахсынньылаах тохсунньуга тыалырдаҕына, бэс уонна от ыйдарыгар тоҥоруулар (хаһыҥнар) түһүөхтэрэ.
5. Барабыайдар кыһын дьиэ эбэтэр атын да тутуулар үрдүлэригэр саҥата-иҥэтэ суох иһийэн олордохторуна, соторунан былытырар, хаардыыр.
6. Барабыайдар саҥалара-иҥэлэрэ аҕыйаатаҕына, сотору хаар дуу, ардах дуу кэлэр.
7. Барабыайдар сылбахха састахтарына тыал, хаар-сиир түһэр.
8. Баһылайап күнэ (тохсунньу 14 күнэ) үүнэр түүнүгэр халлаан хойуу сулустаах буоллаҕына, элбэх дьэдьэннээх, отонноох, үтүө сайын кэлэрин күүтүллэр.
9. Оһох буруота халлааҥҥа көнөтүк тахсар буоллаҕына, тымныы түһэр.
10. Дьэбдьиэй-Ириэһин күн (кулун тутар 14 күнэ) хаардаатаҕына, ардахтаах сайын, хотуттан тыалырдаҕына, сайынын тымныы, сир аһа аҕыйах, оттон тымныйдаҕына, саас дьыл уһуур.
11. Кириһиэнньэ түүн (тохсунньу 19 күнэ) ыттар элбэхтик үрдэхтэринэ, булт-алт дэлэй, көтөр-сүүрэр элбэх дьыла күүтүллэр.
12. Кириһиэнньэҕэ былыттаах буоллаҕына, үчүгэй үүнүүлээх сайын кэлэрин күүтүллэр.
13. Куурусса аҥар атаҕар турдаҕына, халлаан тымныйар.
14. Куурусса төбөтүн кынатын анныгар уктан утуйдаҕына, соторунан халлаан тымныйар.
15. Кыһын тымныы уҕарыырыгар халлааҥҥа сулустар кыратыйан көстөллөр.
16. Кыһын кырыалаах буоллаҕына, сайына ардахтаах.
17. Кыһын ойбон уута модьоҕотун таһынан таһымныыр буоллаҕына, кэлэр сайын ардахтаах буолар.
18. Кыһын туман сиргэ тэлгэннэҕинэ, сотору кэминэн итийэр, оттон үөһэ көттөҕүнэ — тымныйар.
19. Кыһын хаар тибиилээх буоллаҕына, саас хаар уулаах буолар.
20. Ороһуоспа түүнүгэр (тохсунньу 7 күнүгэр) кэлэр сайыны билгэлииллэр. Киэһэ им сүтүүтэ саҕаланыаҕыттан халлаан өҥө уларыйыытын кэтииллэр. Халлаан өҥө хараҥатыйдаҕына, сайыныгар ардахтаах буоларын, кубарыйбыт түбэлтэтигэр кураан буоларын сылыктыыллар.
21. Суордар кыһын хаарга, суол чигдитигэр түһэ сылдьар буоллахтарына, соторунан ириэһин кэлэр, оттон тымныы күн-дьыл буоларыгар сиргэ чугаһаабаттар, үөһэнэн көтөллөр.
22. Сылгы кыһын сотору-сотору хахсайар, тыбыырар буоллаҕына, сааскыта хатааһыннаах буолар.
23. Тохсунньу тымныы буоллаҕына, от ыйа кураан, итии, оттон былыттаах, ичигэс буоллаҕына — от ыйа ардахтаах буолар.
24. Тохсунньуга, ороһуостуба иннигэр, сис былыт кэллэҕинэ, сааһыары сайын, сар Көстөкүүҥҥэ, анды киириитин саҕана, абыраллаах ардахтар түһэннэр, сири-дойдуну угуттууллар.
25. Туллуктар саас эрдэ кэлэн, тэлгэһэттэн ырааппакка эрэ чаардыыр буоллахтарына, хаар хойутаан ууллар.
26. Эрдэтээҥи бэлиэтээһин, Дьэбдьиэй-Ириэһин (кулун тутар 14 күнэ) саҕана күүскэ ириэрдэҕинэ, саас хаар уута суох буолар.
Иннокентий Сосин, Иннокентий Неустроев «Сахалыы күнү-дьылы билгэлээһин» диэн кинигэлэриттэн
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: