СӨ Борокуратууратын хаартыската
Анаабыр национальнай (долган-эбэҥки) улууһун баһылыга уонна кини дьиэ кэргэнэ 2016-2022 сыллар устата ыарахан сыаналаах хамныыр уонна хамнаабат баайы бэйэлэрин туһаларыгар туттубуттар.
Ол курдук, Toyota Land Cruiser Prado массыына, Дьокуускайга гараас, Санкт-Петербурга уонна Москваҕа кыбартыыра атыыласпыттар, 400-тэн тахса кв. м иэннээх дьиэ туттубуттар.
Бу баай-дуол барыта ыйыллыбыт сирэйдэр сокуоннай дохуоттарын биллэ куоһарар. Хантан маннык элбэх баай-дуол баар буолбута ханна да ыйыллыбатах.
Өрөспүүбүлүкэ борокуруорун ирдэбилинэн бастакы инстанциялаах суут уонна Үрдүкү суут быһаарыытынан 72 мөлүйүөн солкуобайдаах баай-дуол судаарыстыба дохуотугар барда.
Бу күннэргэ Арассыыйатааҕы баай-дуол управлениетынан баайы-дуолу судаарыстыба суотугар ылыы докумуоннара толоруллар.
Дуоһунаһын туһанан бөдөҥ бэриги ылбытынан оройуон урукку баһылыгар холуобунай дьыала тэриллэн, дьыалата суукка көрүллэ сылдьар.
Ааһан эрэр 2025 сылы туһанааччылар иэһэ суох түмүктүүллэрин туһугар “СӨ ОДьКХ” ГУП Саҥа дьылы көрсө…
Дьокуускайга улахан суумалаах харчыны сүтэрбит киһиэхэ көмөлөстүлэр. Биир киһи харчыны булан баран, полицейскайдарга тыллаан, хаһаайынын…
Саҥа дьыл иннинэ хотугу улуустарга фруктаны, оҕуруот аһын, араас бородуукталары тиэрдэр "күөх рейстэр" тиийдилэр. Төһө…
Саҥа дьыллааҕы сандалыга өссө биир судургу эрээри, минньигэс, тотоойу сокууска ырыссыабын таһаарабыт. Куурусса этин…
Уһук Илин олохтооҕо 20 лотерея билиэтин атыылаһан, 31,5 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайы сүүйбүтүн туһунан РИА-ҕа РФ…
Ахсынньы 28 күнүгэр АХШ бэрэсидьиэнэ Уэст-Палм-Бич аттыгар Мар-а-Лагоҕа баар дьиэтигэр Зеленскэйи кытта көрсүбүтэ. Ол иннинэ…