Оройуоннар инвестиционнай килиимэттэрин эриэйтинэ саҥалыыттан оҥоһуллуоҕа

Share

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бэрэссэдээтэллээх бырайыактыыр офис мунньаҕар инвестиционнай килиимэт туругун үөскэтиигэ саҥа ньымалар биллэриллибиттэрэ.

Бу иннинэ Ил Дархана Айсен Николаев инвест-килиимэти үөскэтиигэ биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһиҥҥэ болҕомтотун уурбута. Кини сыаналыырынан, муниципальнай оройуоннарга, куорат уокуруктарыгар биисинэһи кытта көрсүһүүлэри ыытарга тиһиктээх үлэ ыытыллыбат, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

2025 сылга Национальнай эриэйтини ааҕыы методикатыгар 8 хайысха киириэҕэ: «Хамсаабат баай-дуол», «Инженернэй ситимнэр уонна коммуникациялар», «Биисинэһи көмүскээһин», «Биисинэһи өйүүр миэрэлэр», «Экспортнай үлэ», «Инфраструктура уонна сибээс», « Кадрдар уонна үлэ ресурсалара”, «Ырыынак сайдыыта уонна күрэстэһии», 83 эриэйтиннээх уонна 19 эриэйтини таһынан көрдөрүүлэр.

Эриэйтин саҥа структуратыгар көрдөрүүлэри сиһилии биэрии кэҥиэҕэ, биисинэс, экспорт үлэтин, күрэстэһиини сайыннарыы, каадыр уонна үлэ ресурсатын өйөөһүн уонна көмүскээһин төһө көдьүүстээхтэрин сыаналыыр туспа хайысхалар баар буолуохтара, ону тэҥэ инженернэй ситимҥэ холбонуу, онно көҥүл биэрэр докумуоннары биэрии төһө көдьүүстээхтэрин сыаналааһын кэҥиэҕэ, диэтэ  экэниэмикэ миниистирин солбуйааччы.

Бырайыактыыр офис мунньаҕар таарыччы Хаҥалас улууһугар баар туристическай эбийиэктэри инфраструктуранан хааччыйыы боппуруоһун көрдүлэр.

“Хас биирдии урбаанньыт туризм салаатыгар дьыалатын сайыннарарыгар бастаан тустаах эбийиэктэри инженернэй ситимнэргэ холбуур наадатын көрсөр. «Инфраструктура, ордук туризм эбийиэктэригэр тиийэргэ киһилии суол суоҕа биисинэс сайдыытын бытаардар уонна уустугурдар», — диэн бэлиэтээтэ Саха сирин туристическай индустриятын ассоциациятын бэрэстэбиитэлэ Александр Ариносов.

Бу кыһалҕаны быһаарарга, 2025 сыллааҕы туристическай сезоҥҥа бэлэм буолар курдук туризм эбийиэктэригэр тиийэр суоллар испииһэктэрин, ону тэҥэ инженернэй ситимнэр тардыллыахтаах эбийиэктэрин испииһэгин оҥорорго эттилэр.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов этиилэри өйөөн, СӨ Урбааҥҥа министиэристибэтигэр уонна Инвестицияны киллэрэр ааҕыныстыбаҕа туристическай өттүнэн улахан кыахтаах улуустарга туризм салаатын сайыннарар усулуобуйаны тэрийэллэригэр сөптөөх  кыаҕы-күүһү булалларын сорудахтаата.

“Бырабыыталыстыба уонна биисинэс икки ардыларыгар көдьүүстээх кэпсэтии билигин, сүрүн ыстаапка үрдээн турар кэмигэр, ордук дьоҕус урбаан тас эйгэ уларыйыыларыгар ылларымтыа буолар. Хаҥалас улууһун туризмын эрэ буолбакка, дьоҕус урбаан кыһалҕаларын быһаарар мэхэньиисими булан, Бырайыактыыр офис кэлэр мунньаҕар дьүүллэһэр курдук быһаччы ньымалары бэлэмнээҥ”, — диэн түмүктээтэ Дьулустаан Борисов.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьокуускайга биллиилээх психолингвист уонна полиглот Дмитрий Петров ыалдьыттыыр

Дмитрий Юрьевич Петров «Магия слов» кинигэ уонна омук тылын түргэнник  үөрэтэр учебник ааптара, үөрэх уонна…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Иван Егоров – Танаринскайга аналлаах «Дэгиттэр талаан» литературнай кэнсиэр

Мукучу нэһилиэгэр ахсынньы 20 күнүгэр литература бары көрүҥэр таһаарыылаахтык үлэлээбит суруйааччы, суруналыыс, биир дойдулаахпыт Иван…

2 часа ago
  • Сонуннар

Сарсыҥҥыттан «Дыгын оонньууларын» сүүмэрдиир түһүмэҕэ саҕаланар

Сарсын, ахсынньы 24 күнүгэр, Дьокуускайга "Өрөгөй" успуорт комплексыгар эһиилги "Дыгын оонньууларыгар" сүүмэрдиир бастакы түһүмэх ыытыллыаҕа…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тускул: «Саҥа дьыл түүн биллэ тымныйыаҕа…»

Ааһан эрэ ахсынньы ый тымныйан иһэн, эмиэ сылыйан барда. Онон бу нэдиэлэнэн ыйбытын түмүктээн, кэлэр…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

НОМОХ БУОЛБУТ ОЛОХ. Бэтиэхэлээх Бэстэрикиэби санаан кэллэххэ…

Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Петр Петрович Пестряков төрөөбүтэ 80 сыла буолла.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

“Киһи аан туома” эн остуолуҥ кинигэтинэн буолуоҕа

“Төбөкүй”, “чөмчөкө”, “мэйии тас сарыыта”, “тымырдаах хааҕы”... Хас биирдии киһи  уорганын  сахалыы өйдөбүллэрэ маннык хабааннаах…

3 часа ago