Орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр 178 байыас киирдэ

Share

Саха сиригэр орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ — 178 киһи киирдэ. Бу туһунан үөрэх, наука миниистирин солбуйааччы Михаил Присяжнай брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

— Орто анал үөрэх бырагырааматынан үөрэнэргэ 27 тыһыынчаттан тахса сайабылыанньа киирбитэ. 4 тыһыынчаттан тахса киһи үөрэххэ киирдэ, кинилэр истэригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ — 178 киһи баар, — диэн кини эттэ.

Орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолорун орто оскуолаҕа хайдах үөрэммиттэриттэн тутулуга суох, бастакы уочарат ылаллар.

Миниистири солбуйааччы этэринэн, 350 устудьуоҥҥа 6212 солкуобайдаах анал истипиэндьийэ ананна.

Санатар буоллахха, туспа квотанан РФ Дьоруойдара, «Хорсунун иһин» үс уордьанынан наҕараадаламмыттар, байыаннай сулууспалаахтар, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр оҕолоро, уо.д.а. үөрэххэ киирэр кыахтаахтар.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

14 часов ago