Орто анал үөрэх тэрилтэлэрин дьиэлэрин саҥардыахтара

Share

2027 сыл түмүктэниэр диэри өрөспүүбүлүкэҕэ орто профессиональнай үөрэх тэрилтэлэрин 25 эбийиэгин саҥардыахтара.

Ол туһунан Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ учууталларын уонна педагогическай уопсастыбаннаһын XIV сийиэһин пленарнай мунньаҕар иһитиннэрдэ.

«Техникумнар уонна кэллиэстэр үгүстэрэ ааспыт үйэ 70-80 сылларыгар тутуллубут дьиэлэргэ үлэлии олороллор. Маннык балаһыанньаны төрдүттэн уонна тэтимнээхтик уларытыахха  наада. Онуоха биһиэхэ кыах да, үөрүйэх да баар. 2018 сылтан 41 оскуола уонна 66 оҕо уһуйаана үлэҕэ киллэриллибитэ. Сыл бүтүөр диэри 13 оскуола уонна 6 оҕо уһуйаана тутуллуоҕа. 38 оскуолаҕа олохтоох өрөмүөн түмүктэннэ. Билигин итинник тэтим профессиональнай үөрэхтээһиҥҥэ баар буолуохтаах”, — диэтэ Айсен Николаев.

Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар  орто профессиональнай үөрэхтээһин эбийиэктэрин олохтоохтук өрөмүөннүүргэ уонна сэбилээһиҥҥэ биэс сыллаах бырагырааманы оҥорорго сорудахтаата.

Айсен Николаев эппитинэн, өрөспүүбүлүкэ уонна дойду үөрэҕин тиһигэ бэлэмниир идэлээх дьонун үлэҕэ хаачыстыбаларыттан быһаччы тутулуктаах. «Профессионалитет» федеральнай бырайыак чэрчитинэн  Дьокуускай куоракка тыа хаһаайыстыбатыгар каадырдары бэлэмнииргэ үөрэх-производство  киинэ аһыллар. Эһиил Нерюнгрига хайа-байытар салааҕа Киин тэриллиэҕэ. Кэнники үс сылга өрөспүүбүлүкэҕэ профессиональнай үөрэхтээһин 55 мастарыскыайа аһылынна, 2024 сылга диэри өссө 30 мастарыскыай аһыллара былааннанар.

(СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын матырыйаалларынан)

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

11 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтэ түмэл пуондатыгар эспэнээттэри туттарда

СӨ үбүн министиэристибэтэ  "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар  байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

2 часа ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

2 часа ago