Орто анал үөрэх тэрилтэлэрин учууталлара сахалыы эйгэни тэрийиигэ үөрүйэхтэрин үллэһиннилэр

Орто анал үөрэх тэрилтэлэрин учууталлара сахалыы эйгэни тэрийиигэ үөрүйэхтэрин үллэһиннилэр

24.11.2022, 09:26
Бөлөххө киир:

Саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэһин иитинэн араас тэрээһиннэр ыытылла тураллар. Олортон биирдэстэринэн “Орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһатыгар саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын үөрэтии” түһүлгэ буолар.

Алданнааҕы политиэхиньиичэскэй тиэхиньикум үөрэх чааһыгар сэбиэдиссэйэ, преподаватель Валентина Сорокина нууччалыы тыллаах оҕолорго саха тылын уонна литэрэтиирэтин үөрэтии туһунан кэпсээтэ. Дьарыктыыр бөлөҕөр 26 нуучча оҕото баар эбит. Тустаах тиэхиньикумҥа бырамыысыланнай идэлэргэ бэлэмнииллэр, араас омук оҕолоро үөрэнэллэр. Устудьуоннарбыт үгүстэрэ Саха сириттэн, сорохторо Амур, Чита, Иркутскай уобаластартан кэлэн үөрэнэллэр, ону таһынан, Таджикистантан, Узбекистантан кэлбит оҕолор үөрэнэллэр диэн этэр. Саха сирин 25 улууһуттан кэлэн үөрэнэллэрин, аҥаардара сахалыы саҥарбаттарын ыйар. Ол да буоллар илиилэрин ыһыктынан кэбиспэккэ бэркэ үлэлииллэр: “Биһиги тиэхиньикуммутугар былаан быһыытынан “тимири иһэрдээччи» («сыбаарсык”), “сиртэн хостонор туһалаах баайдар” бөлөхтөргө эрэ саха тылын үөрэтэбит, уопсайа 32 чаас (96 дьарык буолар). Онтон бастакы куурустарга 32 чаас төрөөбүт уонна саха литэрэтиирэлэрин үөрэтэбит.

Саха тылыгар тугу үөрэтэбит? Маҥнай дорҕооннортон саҕалыыбыт. Сахалыы сэттэ дорҕоону үчүгэйдик билиэхтээхтэр диэн ирдэбил туруорабын. Холобур, “Көмө” диэн остолобуойдаахпыт, ону атын омук устудьуоннара “Кёмё” диэн ааттыыллар. Онон дорҕоону үөрэтэр булгуччулаах. Алдан улууһугар сахалыы тыллаах аат син балачча элбэх, холобур, “Тукаам” чөлүгэр түһэрэр киин, “Алмаас эргиэн баан”, Томмот, Кураанах бөһүөлэктэр, о.д.а. тыллар бааллар. Ол иһин ити курдук күннээҕи олоххо туттуллар, харахтарын далыгар сылдьар тыллары үөрэтэбит, өйдөтөбүт”, — диэн быһаарар.

Ону таһынан, Алдан тиэхиньикумугар араас омук устудьуоннара үөрэнэллэрин быһыытынан, “Семье единой” диэн куруһуок тэрийэн, эдэр дьон ырыаттан-үҥкүүттэн саҕалаан, түмэл-уруоктарга, кылаас чаастарыгар, кэнсиэрдэргэ, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ, оннооҕор Олоҥхо күннэригэр тиийэ кытталлар эбит.

Онтон Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһэ саха тылын мэдиссиинэҕэ, эмкэ-томҥо сыһыаннаан ыытар. Саха тылын саҥа үөрэтээччилэр уонна дириҥэтэн үөрэтээччилэр бөлөххө 30 устудьуон үөрэнэр. Туспа чаас көрүллүбэтин, бары бииргэ үөрэнэллэрин быһыытынан, дьарыгы ыытар уустук диэн преподаватель бэлиэтиир. Саха тылын саҥа саҕалааччыларга күннэтэ туттуллар тыллары истэ, саҥара, тутта үөрэтэллэрин ыйар. “Үөрэх былаанынан 54 чаас көрүллэр. Манна лиэксийэтэ, практическай чааһа, бэйэ үлэтэ киирэр. Саха тылын бастакы кууруска эрэ үөрэтэбит. Болҕомтону тылы сайыннарыыга уурабыт. Устудьуон санаатын сахалыы толлубакка этиэхтээх, төрөөбүт тылынан ситимнээхтик саҥарыахтаах, суруйуохтаах”, — диэн Алена Александрова кэпсиир.

“Сиэстэрэ дьыалата”, “биэлсэр” идэтигэр устудьуоннарга ыарыылар сахалыы ааттарын, бу ыарыы хаһан, хайдах үөскээбитин, туох ыарыы буоларын, Кэт Марсдены, Николай Якутскай “Араҥ уонна таптал” айымньытын кытта сибээстээн үөрэтэллэрин кэпсиир. Итиэннэ аныгы устудьуон аахпатын учуоттаан, муҥ саатар, киинэтин көрүҥ диэн Алексей Баланов “Река” киинэтин сүбэлиирин этэр.

Ону таһынан, “Дьиэтээҕи эмчит” рубрика иитинэн устудьуоннар суругунан үлэлэри толороллор. “Өскөтүн тымныйдахха”, “Сөтөлү аһарыы”, “Холкутук утуйуу” тиэмэлэргэ эмэ суох араас ньымалары туһаныы холобурдарын суруйалларын этэр. “Хоту улуустан сылдьар устудьуоннар ордук элбэх ньымалары билэллэр. Ол аата, кинилэр өбүгэлэрин кытта сибээстээхтэрин көрдөрөллөр. Холобур, балык тоноҕоһун хаанын бааска тутталлар эбит”, — диэн бэлиэтээн этэр. Кэлин устудьуоннар үлэлэрин түмэн, хомуурунньук оҥорторуон баҕарар.

Номнуо бэлэмнээх устудьуоннар Ефремова Н.А. ааптардаах “Саха тыла” учуобунньугунан үөрэнэллэр, онно баар эрчиллиилэри толороллор эбит.

Итини таһынан, “акушер дьыалата” бөлөххө “Дьахтар анала – ийэ буолуу” диэн өйдөтөр үлэни ыыталларын, манна төрүт аһылык туһатын, иҥэмтэтин быһаарар, саҥа төрөөбүт оҕоҕо ийэ уоһаҕа улахан оруоллааҕын кэпсииллэр, баттахха сыһыаннаах сахалыы үгэстэри кытта билсэллэр эбит.

“Фармацевтары” эмтээх үүнээйилэри мэдиссиинэҕэ уонна аска хайдах туһаналларын үөрэтэллэр, ырыталларын этэр, холобур, унньуулла. Күн бүгүн мэдиссиинэҕэ аналлаах тылдьыт суоҕун, устудьуоннарга үөрэтэргэ тылдьыт ирдэнэрин этэр.

ХИФУ Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун бэрэпиэссэрэ Галина Попова-Санаайа: “Эркээйи эргиирэ” оҕо бэйэтэ сайдар эйгэтин тэрийэри көҕүлүүр, көмө-ньыма буолуохтаах. Орто анал уонна үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьар устудьуоннар аналларын көрсөн ыал буолаллар, оҕолоноллор. Ити кылгас 4-5 сыл устатыгар бу оҕолор олохторугар улахан уларыйыы киирэр, инники олохторун олугун уурар. Онно көмө буолларбыт диэн биһиги итиннэ “Ыал буоларга бэлэмнэнии” диэн талан үөрэтии бырагырааматын оҥорбуппут. Бырагыраамата “Эркээйигэ” киирэ сылдьар. Итини орто анал үөрэхтэргэ ыытаргыт буоллар. Ким баҕарар ыытыан сөп, оннооҕор физкультура учууталлара дьарыктаналлар. Холобур, омук, нуучча тылын учууталлара саха тылын учууталларынааҕар ордук умсугуйан туран саха тылын көмүскээн эрэллэрин көрөбүт. Тус бэйэм, бастакы идэбинэн физика учууталабын, уһуннук математиканы үөрэппитим, онтон национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ кэлбитигэр Кыыс Куо уруогунан, этнопедагогиканан дьарыктанан барбытым, саамай умсугуйар дьарыгым – олоҥхо, уус-уран ааҕыы, балары учуоттуохха дии саныыбын. Алдан, Өлүөхүмэ нууччалара бэйэбитинээҕэр ордук илбиһирэн туран ыллыылларын, сахалыыны таптыылларын көрөбүт, истэбит. Бу маннык биирдии холобурдарынан оҕолору умсугутуохха сөп” — диэн санаатын үллэстэр.

Бу түһүлгэҕэ мустубут преподавателлэр бэйэлэрин уопуттарын үллэһиннилэр, санааларын эттилэр. Өскөтүн оскуолаҕа уруок булгуччу бырагырааманан ыытыллыахтаах эбит буоллаҕына, орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр преподаватель бэйэтин кыаҕынан, устудьуоннар баһылыахтаах идэлэригэр сыһыаран тугу баҕарар, хайдах баҕарар тэрийиэхтэрин, ыытыахтарын сөп диэн көрдүм.

СӨ идэҕэ бэлэмниир орто үөрэхтээһин сайдыытын институтун мэтэдииһэ Наталья Ефимова: “Орто анал үөрэх тэрилтэлэрин преподавателлэрэ Намнааҕы педагогическай кэллиэскэ миэстэтигэр тиийэн, сахалыы эйгэни тэрийии холобурун көрдүлэр. Бүгүн сүрүн мунньахха сырыттыбыт уонна бу санаа атастаһар түһүлгэҕэ кытта сылдьабыт. Уһуннук үлэлээбит саха тылын преподавателлэрэ кэлэн дакылаат аахтылар, маастар-кылаас көрдөрдүлэр, эйгэни тэрийиигэ, сахалыы үөрэтиигэ бэйэлэрин уоппуттарын үллэһиннилэр. Салгыы бары түмсэн, кэнсиэпсийэбитин ырытыахтаахпыт, билиҥҥи кэмҥэ саамай сүрүн докумуоммут. Билиҥҥи балаһыанньаны анаалыстаан, баар кыһалҕалары учуоттаан Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Ф.В.Габышева салалтатынан ый кэриэтэ таһымнарынан арахсан оҥордубут. Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ идэҕэ үөрэтэр 46 үөрэх кыһата баар. Итинтэн 39 тэрилтэ саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын үөрэтэр. Нэдиэлэҕэ икки чаас эрэ көрүллэр. Үгүстэрэ эбии үөрэхтээһин быһыытынан ыыталлар.

Кэнсиэпсийэ силигэ ситтэҕинэ бырагыраама саҥардыллыахтаах, идэҕэ сыһыаран үөрэтиллиэхтээх, хайысхаларынан тылдьыттары, электроннай үөрэх кинигэлэрин, босуобуйалары таһаарыахтаахпыт”, — диэн тэрийээччи кэпсиир.

Чурапчытааҕы аграрнай-тиэхиньиичэскэй кэллиэс преподавателэ Евдокия Ван-Чу-Линтан аҕыйах ыйытыыга хоруйдууругар көрдөспүппэр: “Орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр чаас аҕыйаҕар уонна орто анал үөрэхтээһин учууталларыгар чэпчэтиилээх буоларын курдук холобур бырагыраамалар оҥоһуллубуттарыгар сүрүн болҕотону уурабыт. Уонна “Эркээйи эргиирэ” бырагыраама тула кэпсэтии буола турар.

Тус бэйэм, сийиэһи саха тылыгар сытыы кыһалҕалар тула анаммыт тэрээһин курдук сыаналыыбын. Уһуйааннар, оскуолалар саха тылын сайдыытыгар, кыһалҕаларыгар эрдэттэн үлэлии олороллор. Оттон орто анал үөрэхтээһин сүрүн да дакылаакка, тыл этиитигэр даҕаны соччо-бачча ахтыллыбата, сырдатыллыбата дуу диэн көрдүм. Ол иһин орто анал үөрэххэ турар кыһалҕалары этиниэхтээхпит, бэйэбит түмсүү тэрийиэхтээхпит дуу диэн санааҕа кэллим.

Аны бэлэмҥэ үөрэммит көлүөнэ тахсан эрэр. Онон аныгы оҕону үлэҕэ сыһыарарга “Эркээйи эргиирэ” бырагыраама тоҕоостоох, сөп түбэһэр эбит диэн көрдүм”, — диэн санаатын этэр.

Ити курдук орто анал үөрэх тэрилтэлигэр саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын үөрэтэр преподавателлэр түмсэн санаа атастастылар, уопуттарын үллэһиннилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: