Хаартыска СӨ Нэһилиэнньэ куттал суох буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин пресс-сулууспатыттан
Саха сиринээҕи гидрометеорология сулууспатын иһитиннэриитинэн, Өймөкөөн улууһун Орто Балаҕан уонна Томтор бөһүөлэктэригэр уу таһыма түстэ.
Бу туһунан СӨ Нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин иһитиннэрэр.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Өймөкөөн” айан суолун 157 килэмиэтиригэр, Томтор бөһүөлэгиттэн 3 килэмиэтирдээх сиргэ, Куйдуһун үрэҕин күргэтин уу суурайда. Томтор уонна Сордоҥноох бөһүөлэктэр икки ардыларыгар суол быстан, сырыы тохтоон турар.
Сордоҥноох нэһилиэгин Орто Балаҕан бөһүөлэгэр биир да дьиэ-уот ууга барбата. Ууга барбыт тиэргэннэр ууттан босхолоннулар. 3 сиргэ бөһүөлэк иһинээҕи муниципальнай суол сууралынна. Уу таһыма түһэ турар. Бүгүн кунус 12:00 чаастааҕы туругунан, уу таһыма 25 сантымыатырынан түстэ.
2-с Бороҕон нэһилиэгин Томтор бөһүөлэгэр ууга барбыт дьиэ-уот суох, тиэргэннэр ууттан босхолоннулар, уу таһыма түһэ турар. Ол курдук, бугун кунус 12:00 чаастааҕы туругунан, уу таһыма 8 сантымыатырынан түстэ.
Өймөкөөн бөһүөлэгэр 18 тиэргэн ууга барда. Онно барыта 63 киһи, ол иһигэр 20 оҕо олорор. 4 сиргэ бөһүөлэк иһинээҕи суолу, 2 сиргэ ууну аһардар турбаҕы кэлэр суолу уу суурайда. Бүгүн кунус 12:00 чаастааҕы туругунан, уу таһыма 2 сантымыатырынан түстэ (557 см буолла).
Миэстэтигэр уу таһымын хонтуруоллуурга улуус ОГ КЧСиБП, Өймөкөөннөөҕү 1 ОГ МГПО уонна нэһилиэнньэлээх пуунньар 3 ОГ күнүстэри-түүннэри үлэлииллэр, кэтээн-көрөллөр. Быстах кэмнээх уу постара турдулар, 3 чаас буола-буола уу таһыма кэмнэнэр. Быстах кэмҥэ дьону олордор 3 пуун арылынна. Эвакуацияламмыт ыал суох, дьон дьиэтиттэн барартан батынар. Ас-үөл, иһэр уу саппааһа толору баар. Ынах сүөһүнү уонна сылгыны хорҕотор анал сирдэр оҥоһуллаллар.
Аҕыйах хонуктааҕыта сибээскэ тахсыбатах 11 киһилээх (ол иһигэр 4 дьахтар уонна 3 оҕо) туристар бөлөхтөрүн туһунан эттэххэ, билигин кинилэр Томтор бөһүөлэгиттэн 15 килэмиэтирдээх Кумаар Үрэх диэн сиргэ бааллар. Кинилэр олохторугар уонна доруобуйаларыгар куттал суоһаабат. Тиһэх чахчыларынан, дьахталлар уонна оҕолор этэҥҥэлэр. Бэлиэтээн эттэххэ, бэҕэһээ кинилэргэ Сордоҥноох бөһүөлэгиттэн ас-үөл тиэммит 3 киһилээх 2 вездеход айаннаабыта. Кинилэри хаайтаран олорор сирдэриттэн аҕалар туһугар, Быыһыыр сулууспа Тааттатааҕы филиалыттан тахсыбыт аэромобильнай бөлөх быыһааччылара бэҕэһээ Томторго тиийбиттэрэ. Халлаан туругуттан көрөн, сүтэн баран көстүбүт туристары бүгүн “Полярнай авиалиния” бөртөлүөтүнэн эвакуациялыахтаахтар. Бэҕэһээ халлаан туруга мөлтөх буолан, быыһыыр кыаллыбатаҕа.
«Балаһыанньаны толору хонтуруоллуу олоробут», – диэн Дмитрий Лепчиков иһитиннэрдэ.
Саха сиригэр уон сылга биирдэ ыытыллар физкултуураҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада түмүктүүр түһүмэҕин көрөөрү “Өрөгөй” спортсменнары…
Иһинэн-таһынан, дьалкытан, элбэх ууну кутартан буорга баар сибэккигэ олус наадалаах битэмииннэр, иҥэмтэлээх эттиктэр суураллаллар. Көһүйэ…
Бүлүү умнаһынааҕы улуустарга балаһыанньа хайдаҕый? СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ “СӨ муниципальнай…
Бүгүн, муус устар 20 күнүгэр, "Саха" ГТРК "Вместе с Айсеном Николаевым" биэриини 19:00 ч. көрдөрүөхтэрэ.…
Бу күннэргэ Өлүөнэ Эбэҕэ үлэ саамай суолталаах уонна көдьүүстээх көрүҥэ –мууһу эрбээһин уонна хараардыы ыытылла…
Саха сирин ытыктабыллаах олохтоохторо! Ис сүрэхпиттэн бу сырдык күнүнэн, Пасханан эҕэрдэлиибин! Пасха – улуу бырааһынньык.…