«Орто дойду» эрэстэрээн «Талба идэһэ» көстүүнү туруорда

Share

Андреевтар урбаанньыт дьиэ кэргэн «Орто дойду» эрэстэрээннэрэ Саха сирин биир киэн туттуутунан буолар.

Петр уонна Марианна Андреевтар тэрийбит «Орто дойду» эрэстэрээннэрэ быйыл 25 үбүлүөйдээх сыла. Онон бэлиэ түгэннэрин «Саха сирин амтана»  гастрономическай бэстибээл 10 сыллаах үбүлүөйүн кытта бииргэ бэлиэтииргэ санаммыттар уонна  бу күннэргэ ыытылла турар Олоҥхо дэкээдэтин кытта ситимнээбиттэр. Онон саха ыала куонкуруска кыттар бырагыраамаларын сахалыы тыыннаан «Талба идэһэ»  диэн ааттаан ыыттылар. Быйылгы ирдэбилинэн бэстибээл гастрономическай тыйаатыр быһыытынан ыытыллыахтаах. Онон эрэстэрээннэр тыйаатыр көстүүлэрин хайдах аһы-үөлү кытта ситимнииргэ толкуйдарын уурбуттар. Андреевтар үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр олохтоохтук бэлэмнэммиттэр. Ол эбэтэр «Олоҥхо» тыйаатырын кытта дуогабардаһан, бу күннэргэ дэкээдэ чэрчитинэн номнуо сэтинньи 23 күнүттэн олоҥхону истии саҕаламмыт. Ол курдук, сэтинньи 30 күнүгэр «Кыыс Урсун» диэн  бэйэтэ айбыт олоҥхотун олоҥхоһут Анастасия Алексеева  толордо. Ахсынньы 3 күнүгэр култуура туйгуна Василина Баланова — Кэрэмэс Лыҥкыр «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхоттон ааҕара былааннаммыт. Ахсынньы 14 күнүгэр Яна Нюргусова «Дьырыбына Дьырылыатта»  олоҥхоттон толоруоҕа.  Онон Андреевтар дьиэ кэргэн «Орто дойду» эрэстэрээннэрин 25 сылыгар «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл 10 сыллаах үбүлүөйүнэн дьүүллүүр сүбэ уонна эрэстэрээн ыалдьыттарын иннигэр үс көстүүлээх гастрономическай тыйаатыр туруоруутун көрдөрдө. Маныаха хаһаайыттар эрдэттэн бырагыраама бэлэмнээбиттэр. Дьоро киэһэ ис хоһооно икки тылынан сырдатыллыбыт — сахалыы уонна нууччалыы.

«Талба идэһэ» — тыйаатыр бастакы көстүүтэ. Сүрүн «дьоруойдарынан» — су-шеф пуобар  Изабелла Андреева уонна ыстаарсай пуобар Архип Попов буоллулар.

18 саастаах Изабелла — Андреевтар сэттис кыра оҕолоро. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, эдэр асчыттар иккиэн идэһэ астаныаҕыттан остуолга мааны ас буолан туруоллуор диэри үлэтин барытын бэйэлэрэ оҥорбуттар: ыраастаабыттар, сууйбуттар, буһарбыттар.

Алаадьы уонна саламаат кэнниттэн күөстэммит сылгы этин кытта  араас убаҕас туманы уурдулар. Бу аһы хайдах астаабытын Архип сытыы саха быһаҕынан хайдах быспытын көрдөрдө.

Онон остуолга Архип Попов астаабыт сылгытын этэ маннык ууруллан кэллэ.

Ону ыалдьыттар түөрт туманы бу курдук ууран амсайдылар: уулаах отон, чучунаах, хартыыһа  аһы олус уратытык минньиттилэр.

Салгыы асчыт тоҥ аһы — хаһаны, ойоҕоһу уонна быары бысталаата.

Тоҥ ас — саха маанылаах уонна иҥэмтиэлээх тотоойу аһа буоллаҕа!

Бу саха маанылыыр күндү аһа остуолга маннык кэлэн турунан кэбистэ.

Быйылгы куонкуруска шеф-пуобардар бүлүүдэлэрин бэйэлэрэ астаан көрдөрүөхтээхтэр. Онон харта, хаан курдук минньигэс астары Изабелла Андреева анаан астаан көрдөрдө.

Хаан курдук минньигэс ас остуол киэргэлинэн буола түстэ.

Оттон күөх лууктаах харта киһи тылынан эппэт минньигэс аһа!

Кыһыл отон тумалаах убаһа ыыһаммыт этэ уонна мэһийиллибит хортуоппуй — бэстибээл эмиэ сонун аһынан буолла.

Гастрономическай тыйаатыр бастакы чааһа түмүктэнэр кэмигэр мин асчыттары кытта кэпсэттим.

Талах курдаах Таатта уола Архип Попов уонна хаҥыл Хаҥалас кыыһа Изабелла Андреева төрүт аһы-үөлү инники күөҥҥэ тутан астыы сылдьаллара хайҕаллаах суол.

Дьоро киэһэни тэрийэн ыыппыт эрэстэрээн хаһаайката Марианна Андреева бу бырааһынньык киэһэҕэ «Кэрэ» саха таҥаһын тигэр ателье уонна «Чороон XXI век» саха иһитин оҥорор  тэрилтэлэр салалталарын ыалдьыттата ыҥырбытын уонна бу дьоро киэһэ аһа-үөлэ «чорооннор» иһиттэрэ буоларын иһитиннэрдэ. Оттон асчыттар уонна официаннар  сахалыы таҥастарын Анна Апросимова-Арылыйа Хотун мастарыскыайын иистэнньэҥнэрэ сахалар 17-с үйэтээҕи таҥастарын эскииһинэн тикпиттэрин бэлиэтээтэ.  Онон бу эрэстэрээн чахчы да сахалыы тыыннааҕа бары өттүттэн көһүннэ.

Аны гастрономическай тыйаатыр иккис көстүүтүгэр киирдибит. Онно иккис саалаҕа ыалдьыттар Анастасия Алексеева олоҥхотун бэркэ астына иһиттилэр.

Дьэ, гастрономическай тыйаатыр үһүс көстүүтүгэр «Сэһэргэһии» түһүмэҕэр киирэбит.  Манна кэлбит ыалдьыттар санааларын атастастылар. «Чороон XXI век» салайааччыта Софья Попова тэрээһин туһунан маннык санаалаах буолла:

Тэрээһин тосхолун туһунан «Орто дойду» эрэстэрээн хаһаайката Марианна Андреева бу курдук кэпсээтэ:

Саха култууратын сайыннарааччылар сонун көрүҥнэри хайдах тобулбуттара киһи болҕомтотун тардар — дьэ, кырдьык да, бэрткэ толкуйдаабыттар!

… Ити курдук, Марианна Андреева бэлиэтээбитин курдук, «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээлгэ киин куорат эрэстэрээннэрэ бэйэ-бэйэлэрин үлэлэрин уопутун көрөн-истэн, үөрэнэн, сайдан иһэллэр. Ол туоһута — «Орто дойду» эрэстэрээн быйылгы куонкурус бары ирдэбилин тутуһан, бастыҥ тэрээһин холобурунан буолла.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

48 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

12 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

14 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

15 часов ago