«Орто Дойду» зоопаркаҕа баар хагдаҥ эһэлэр хаһан уһукталлар?

Share

Исписэлиистэр эппиттэринэн, «Орто Дойду» зоопаркаҕа баар хагдаҥ эһэлэр кыһыҥҥы утуйууларыттан кэлэр нэдиэлэҕэ уһуктуохтара. Уопсайынан хагдаҥ эһэлэр кыһын арҕахтарыгар 107-109 күн устата утуйаллар. 

Зоопарка научнай-просветительскай отделын сэбиэдиссийэ Наталья Сафонова эһэ бытааннык уһуктар, ол бырассыаһа нэдиэлэ кэриҥэ диэн СИА-ҕа кэпсээбит. «Кэлэр нэдиэлэҕэ күүтэбит. Сылтан сыл эһэлэр араастык уһукталлар. Холобур, биир сыл кулун тутар 10-нун диэки уһуктубут буоллахтарына, кэлэр сылга кулун тутар бүтүүтэ туруохтарын эмиэ сөп«, — диэн быһаарар. Хагдаҥ эһэлэр уһуктан баран, хааннарын сүүрдэр сыалтан эттэрин-сииннэрин имитэн «эрчиллэллэр» уонна хаары сииллэр.

Зоопаркаҕа баар эһэлэр уһуктубуттарын кэнниттэн тута аһаппаттар, бастаан утаа хаайтарбыт хойуулара тахсыахтаах эбит. Ити быһаарыллыбытын кэнниттэн  тыатааҕылары кыралаан аһатан бараллар. «Зоопарка атын кыыллара кыһыны этэҥҥэ кыстаатылар. Колымана уонна Ломоносов диэн үрүҥ эһэлэрбит төрөппүт оруолун толорортон сынньаннылар, быйыл оҕоломмотулар», — диэн Наталья Сафонова кэпсээтэ.

Recent Posts

  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Аҕабыт Кыайыыны Рейхстаг аттыгар көрсүбүтэ

Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ууну-уоту ортотунан ааһан, Улуу Кыайыыны…

37 минут ago
  • Сонуннар

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Ыам ыйын 6 күнэ. Ил Дархан дойду Үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцовы кытта Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуолаҕа…

2 часа ago
  • Сонуннар

Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолатыгар улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар

Сунтаарбыт саамай элбэх үөрэнээччилээх, улахан кээмэйдээх оскуолатыгар быйыл улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. "Модернизация школьных систем"…

2 часа ago
  • Быһылаан

Түөкүттэр аҕам саастаах кэргэнниилэртэн 23 мөл.солк. уорбуттар

Дьокуускай куорат аҕам саастаах олохтоохторо түөкүттэргэ итэҕэйэн 23 мөлүйүөн солкуобайы уордарбыттарын туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Биир ботуруон

Бу 1976 с. Намтаҕай арыытыгар этэ. Оччолорго мин ыччат-комсомольскай звенотун салайан, “Димитровскай” сопуоска 360 тонна…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Тоҥ Бас сайылыгар көстүлэр

Нам улууһун Үөдэйин олохтоохторо төһө кыалларынан сайылыкка тахсаллар. Ол курдук, билиҥҥи туругунан, Тоҥ Бас сайылыкка…

3 часа ago