Орто Дойдуга – «Хонуу күнэ — 2024»
Бүгүн, атырдьах ыйын 15 күнүгэр, Хаҥалас улууһун Орто Дойдутугар тыа хаһаайыстыбатын биир улахан тэрээһинэ – «Хонуу күнэ — 2024» буолан ааста диэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Быйыл «Хонуу күнүн» тэрээһинигэр өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан үүнээйи үүннэриитинэн, сүөһү-сылгы иитиитинэн, науканан, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыынан муһуннулар. Ону тэҥэ 17 агрооскуолаларын үлэлэрэ уонна 30-тан тахса тыа хаһаайыстыбатын тэриллэрэ көрдөрүлүннүлэр.
Кыттааччыларга уонна ыалдьыттарга анаан интэриэһинэй бырагыраама оҥоһуллубут, ол курдук агродроннары көтүтэн көрдөрдүлэр, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна бородууксуйатын быыстапката, М.Г. Сафронов аатынан тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун уопуттаах учаастактарын көрүү тэрилиннэ.
Тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ, научнай институт уонна университет үлэһиттэрэ, ону тэҥэ тиэхиньикэни уонна оборудованиены оҥорон таһаарар хампаанньалар тыа хаһаайыстыбатын култууратын үүннэрии, сир оҥоһуутун цифровизациялааһын уонна да атын тутаах боппуруостары төгүрүк остуолга дьүүллэһиэхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: