Салгыы
«Орто дойдуга» инбэлииттэр бэстибээллэрэ буолла

«Орто дойдуга» инбэлииттэр бэстибээллэрэ буолла

01.07.2023, 13:00
Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 28-30 күннэригэр Хаҥаласка «Орто дойду» этнокомплекска доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэтээҕи култуурунай-спортивнай бэстибээл буолла. Бу тэрээһин Бүтүн Арассыыйатааҕы инбэлииттэр уопсастыбаларын 35 сылыгар ананар.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Спортивнай күрэхтэһиилэргэ уонна куонкурустарга 17 улуустан, куораттан 289 киһи кыттыыны ылла.

Бэстибээл кыттааччыларын бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов эҕэрдэлээтэ.

Күрэхтэһиилэр спорт 7 көрүҥэр буоллулар: волейболга, остуол тенниһигэр, чэпчэки атлетикаҕа, дартска, буулдьанан ытыыга, хабылыкка, хаамыскаҕа, «кыраккыы» оонньууга.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Ону тэҥэ, аан дойду норуоттарын үҥкүүлэригэр, оһуохайга күрэстэр ыытыллыннылар.

Бэстибээлгэ РФ Үлэҕэ министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Г.А. Альбрехт аатынан институт инбэлииттэр реабилитацияларын уонна абилитацияларын отделын салайааччы Виктория Лорер кэлэн кыттынна.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: