Бүгүҥҥүттэн киин куоракка “Сарсыардаҕын кыайыыттан саҕалаа – бэйэҕин кыайыыттан” диэн ыҥырыылаах сарсыардааҥҥы маассабай сэрээккэлэр саҕаланнылар.
Н.Н. Тарскай аатынан «Туймаада» стадиоҥҥа сэрээккэни хореограф Екатерина Гомбоева ыытта. Манна чугастааҕы уулуссаларга олорор дьон сырыттылар.
Үҥкүүһүт буолан, сэрээккэни ыытааччы бэрт сэргэх хамсаныылары оҥоттордо. «Бүгүн бастакы саҕалааһын, онон бэйэ-бэйэбитин кытта билсии курдук буолла.
Сарсыҥҥыттан эрчиллиилэргэ олохтоохтук ылсыахпыт. Ыам ыйыгар уонна бэс ыйыгар толору дьарыктаныахпыт», — диэн үөртэ Екатерина Гомбоева.
Сэрээккэһит Ульяна Гуляева Орто Халыма улууһуттан оҕолоругар ыалдьыттыы кэлбит. Дойдутугар Эбээх нэһилиэгэр сарсыарда эрдэттэн хаалыктаах хаамар эбит. «Салгыҥҥа хаамарбын, сэрээккэлиирбин олус суохтаатым. Онон сэрээккэ буоларын истээт, мантан чугас олорор буолан, тугу барытын быраҕан кэллим. Сэрээккэни олус сөбүлээтим. Аны күн аайы сылдьыам буоллаҕа«, — диэн санаатын үллэһиннэ киин куорат ыалдьыта.
30 мүнүүтэлээх сэрээккэни «мыынан», үгүс сэрээһэккэһит стадиоҥҥа баар тренажердарга чугаһаан дьарыктанныбыт.
Мин сэһэргэһээччим Ульяна Гуляева спортивнай снарядтарга сылбырҕатык ойон тиийэн, бэрт үөрүйэхтик дьарыктаммытынан барда. Биһиги соһуйуу бөҕө…
— Нэһилиэкпит баһылыга Юрий Гуляев спортивнай былаhаакка туттарбыта. Онно ыччаттар футболлууллар. Ол аттыгар маннык спортивнай тренажердары туруортарбыта. Онно Эбээх олохтоохторо ким баҕалаах бириэмэтинэн көрөн, сарсыардааттан киэһээҥҥэ диэри — күнү быһа дьарыктаныан сөп. Өссө ол тренажердар кырыыһа сабыылаахтар. Ол ардахтан, хаартан быыһыыр, — диэн кэпсиир Ульяна Гуляева.
Ити курдук, бастакы күнтэн бэйэ-бэйэбитин билсибит дьон, кыайыылаах дьон быһыытынан (уһун кыһын кэнниттэн бастакы сэрээккэҕэ тахсыы — бэйэни кыайыы буоллаҕа!) сарсын эмиэ көрсүөх буолан, тарҕастыбыт.
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…
Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…