Орто Халымаҕа дьиэ кыылын ииримтийиитэ турда дуо?
Орто Халыма улууһугар дьиэ кыылын ииримтийиитэ турбут диэн сурах «Халыма долгуннара» ТГ ханаалга суруллубута. Харантыын биллэриллибит диэн этэ.
Биһиги Ойуһардаах нэһилиэгин бэтэринээринэй учаастагар эрийэн сибээскэ таҕыстыбыт. Миигин кытта сэбиэдиссэй Валерий Иванович Тарасов кэпсэттэ:
-Билигин улууспут иһинэн дьиэ кыыллара: ыттар, куоскалар ииримтийиини утары вакцина бары ылбыттара. Орто Халыма куоратыгар ииримтийиини утары вакцина үлэтэ ыытылла турар. Оттон дьиэ кыыла дьиикэй кыылтан сыстыбыт сураҕын туһунан этэр буоллахха, манна Ойуһардаахха, ыал олбуоругар кырса киирбит. Баайыылаах сытар ыкка чугаһаабытын ыт тутан кэбиспит этэ. Биһиги өлбүт кырса анаалыһын ылан тута Орто Халыма куоратыгар, салгыы Дьокуускайга бэрэбиэркэҕэ ыыппыппыт. Анаалыс түмүгэ кырсаҕа ииримтийии баарын булбута. Хата, ыал ыта ииримтийиини утары вакцина ылбыт буолан, туохха да сыстыбатаҕа. Өлбүт кырсаны ыарыыта тарҕамматын диэн умаппыппыт. Ииримтийбит дьиикэй кыыл киһиттэн куттаммат буолар. Аһылыктара эҥин табыллыбакка дьонноох сиргэ киирэллэрэ элбээтэ. Холобур, саһыл, кырса дэлэйдэ диэн бэлиэтиэм этэ. Онон хас биирдии ыттаах, куоскалаах хаһаайын ииримтийиини утары вакцинаны иитэр кыылыгар туруортарыан наада.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: