Салгыы
Орто Халымаҕа педофил бырааһы силиэдэбэтэллэр туттулар

Орто Халымаҕа педофил бырааһы силиэдэбэтэллэр туттулар

Ааптар:
26.05.2023, 17:31
Хаартыска: yakutia-daily.ru саайтан.
Бөлөххө киир:

Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэккэ иһитиннэрбиттэринэн, Орто Халымаҕа 9 саастаах кыыһы күүһүлээһиҥҥэ уорбаланар 41 саастаах эр киһини туттулар. Бу туһунан yakutia-daily.ru саайт суруйар.

Эрдэ социальнай ситимнэргэ уонна СМИ-гэ олохтоох быраас 9 саастаах кыыһы албыннаан дьиэтигэр илдьэ баран, ыардык атаҕастаабыт диэн иһитиннэрии тарҕаммыта.

СМИ-гэ суруйбуттарынан, бу киһи 2027 сылга диэри тустаах уорганнар кэтэбиллэригэр сылдьыахтаах эбит, эрдэ эмиэ маныаха маарынныыр буруйу оҥорон көҥүлэ быһылла сылдьыбыт.

«Силиэстийэ ыытыллар, туох буолбута сиһилии быһаарыллыаҕа», — диэн Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэт иһитиннэрэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: