Орто Наахара нэһилиэгин 100 сылын көрсө бэлэх оҥороллор
30.12.2023, 12:00

Бөлөххө киир:
Ленскэй оройуонун Орто Наахара нэһилиэгиттэн төрүттээх, Мииринэйгэ олорор Денис Симонов былырыын саҥа сылы көрсө төрөөбүт нэһилиэгэр сэттэ миэтэрэ үрдүктээх харыйа бэлэхтээн үөрдүбүтэ. Быйыл Мииринэйгэ олорор эдэр дьон түмсэ түһэн төрөөбүт нэһилиэктэрин 100 cылын көрсө Саҥа дьыллааҕы аарканы сыбааркалаан бэлэх ууннулар. Онон нэһилиэк олохтоохторугар сыл ахсын бэлэх тутуу үтүө үгэскэ кубулуйбут.
Бу туһунан Чамча нэһилиэгин олохтооҕо Жанна Афанасьева санаатын үллэстэр:
— Саҥа сылы көрсө бэлэх тутуу биһиэхэ номнуо үтүө үгэскэ кубулуйан эрэр. Нэһилиэкпититтэн төрүттээх Мииринэйгэ олорор эдэр дьоммут төрөөбүт дойдуларын умнубакка маннык дьоһун бэлэҕи оҥорон, дьону үөрдэн, бэлэх оҥороллоро барыбытын олус үөрдэр.


Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: