Оскуола баазатыгар аан бастакы технопаарка аһылынна
Дьокуускай куорат Саха политиэхэньиичэскэй лиссиэйигэр “Кванториум” технопаарка аһылынна. Бу иннинэ “Кванториумнары” эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр арыйалара. Лиссиэй 5-11-с кылааһын үөрэнээччилэрэ кэскиллээх инженернэй хайысхалары баһылыахтарын сөп: искусственнай интеллект, программирование, пилота суох авиация уонна 3D-моделирование.
Үөрэх үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы мунньаҕар Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин систиэмэтэ урутаан үлэлиэхтээх, саҥа экэниэмикэҕэ, олох хаачыстыбатыгар суоттаныахтаах уонна биисинэс-үөрэҕи, технологическай, айар хайысханы оскуолаларга хото киллэриэхтээх.
“Технопаарка аһыллыыта оҕолор идэни талалларыгар көҕүлүөҕэ. Билигин биһиэхэ лазернай станоктар, коптердар уонна дроннар бааллар. Оҕолор үөрэнэллэрин таһынан бэйэлэрэ чинчийии оҥоруохтара, ХИФУ бакылтыаттарын кытта бииргэ үлэлэһэр былааннаахпыт. Ону тэҥэ, эһиилгиттэн Сайсары түөлбэтин оскуолаларын оҕолорун үөрэтэр толкуйдаахпыт”, — диэн лиссиэй дириэктэрэ Надежда Тимофеева санаатын үллэстэр.
Технопаарка аныгы тэрилинэн хааччыллыбыт, оҕолор физикаҕа, химияҕа уонна биологияҕа теоретическай билиилэрин таһынан быраактыкаланан көрүөхтэрэ.
Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Алевтина Аргунова иһитиннэрбитинэн, технопаарканы тэрилинэн хааччыйыыга 20 мөл. солк. тахса үп көрүллүбүт.
Оҕолор күөх туманы (микрозелень) олордуохтара, квадрокоптеры бырагыраамалыахтара, роботтары салайарга үөрэниэхтэрэ, лазернай гравировка, о.д.а. сатабылларга үөрэниэхтэрэ.
Саха политиэхэньиичэскэй лиссиэй Саха сиригэр хайысхалаах үөрэхтээһини олоххо киллэриигэ лидер буолар. Былырыын манна бырамыысыланнас эйгэтигэр исписэлиистэри бэлэмниир бырагырааманы олоххо киллэрбиттэрэ: хайа үлэһитэ уонна буровой тэрил машиниһа. Лиссиэй үөрэнээччилэрэ сэтинньигэ номнуо сэртипикээттэрин ылыахтара.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: