Оскуола бибилэтиэкэтин күнүнэн
Уус Алдан улууһугар А.Р.Халдеева аатынан Бороҕон нэһилиэгин бибилэтиэкэтигэр сэргэх тэрээһин ыытылынна. Бу «Норуоттар икки ардыларынааҕы оскуола бибилэтиэкэлэрин күнүнэн» буолла.
—«Оскуола бибилэтиэкэтигэр кинигэтэ бэлэхтээ» аахсыйа бибилэтиэкэ пуондатын хаҥатар соруктаах ыытылынна. Манна 1-11 кылаас үөрэнээччилэрэ (барыта 99 үөрэнээччи) көхтөөхтүк кытыннылар, барыта 60-ча кинигэ бэлэх быһыытынан туттарылынна. Маны сэргэ оҕолорго аналлаах кинигэлэр быыстапкаларын кэрэхсии, сэргии көрдүлэр. «Оскуола бибилэтиэкэтин күнүн туһунан» кэпсэтии, санааны үллэстии 5 — 8 кылаас үөрэнээччилэригэр ыытылынна, — диэн сырдатар Тумул орто оскуолатын педагог-бибилэтиэкэрэ Сардаана Иннокентьевна Стрекаловская.
Тэрээһиҥҥэ ааҕыыны көҕүлээн, Арассыыйа, тас дойдулар саамай улахан, бастыҥ бибилэтиэкэлэрин туһунан билиһиннэрэр, сырдатар медиа-презентация көрдөрүллүбүт. Бу күн үөрэнээччилэр бибилэтиэкэр идэтин, үлэтин туһунан элбэҕи кэрэхсии, сэргии истибиттэр, ыйытыыларыгар хоруйдары ылбыттар. Тэрээһини тэрийэн ыытыыга 25 үөрэнээччи, учууталлар, биир бастыҥ ааҕааччы, нэһилиэк бибилэтиэкэрэ С.А.Прудецкая, алын сүһүөх кылаас учуутала Р.Е.Софронова көхтөө кыттыыны ылбыттар.
Манна даҕатан эттэххэ, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ оҕолор болҕомтолорун тардар, кинигэҕэ тапталы күүһүрдэр соруктаах араас тэрээһиннэри, ааҕыылары, күрэхтэһиилэри, бибилэтиэкэ уруоктарын, хаһыакка сурутууну эмиэ тэрийэн ыыталлар.
Хаартыскалар Сардаана Стрекаловская тиксэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: