Оскуола боруогар аан бастаан үктэммит Айархаан Бурнашев 17-с оскуола Бастакы чуораанын тыаһатта
Бүгүн дойду үрдүнэн саҥа үөрэх дьыла саҕаланан, оскуола оҕолоро, учууталлар, төрөппүттэр үөрүүлээх линиэйкэлэргэ муһуннулар.
Дьокуускай 17 №-дээх орто оскуолата үгэс быһыытынан суолталаах тэрээһиннэрин Доҕордоһуу болуоссатыгар Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын иннигэр ыытар. Бүгүн ол үгэс эмиэ тутулуһулунна.
… Быйыл оскуола боруогун аан бастаан атыллыыр кырачаан Айархаан Бурнашев оскуолаҕа киирэр күнүгэр ыйы быһа бэлэмнэммит.
«Үөрэх тэбээриннэрин бэйэтин кытта сылдьан ылбыппыт. Быйылгы үөрэх дьылын аһар Бастакы чуорааны тыаһатар бочуоттаах эппиэтинэс биһиги кылааспытыттан икки кыыска уонна икки уолга сүктэрилиннэ. Онон Айархааҥҥа икки бүк долгутуулаах түгэн. Уолбут бастакы учууталынан уопуттаах учуутал Александра Васильевна Обутова буолла. Кылааспытыгар — 40 оҕо«, — диэн санаатын үллэһиннэ Айархаан ийэтэ Василина Бурнашева.
Кырдьык, кырачааннар алтан чуорааннарын туппутунан, сүүрэн табыгыраһан тахсан оскуола оҕолорун, учууталлар уонна төрөппүттэр иннилэригэр тахсан тыһатыылара — долгутуулаах түгэн.
Биллэн турар, эбээлэргэ, эһээлэргэ сиэннэрэ оскуолаҕа киириитэ эмиэ улахан бырааһынньык. Култуура туйгуна Екатерина Попова сиэнин оскуолаҕа атаара туран, санаатын маннык үллэһиннэ:
«Айархааммын оскуолаҕа киириитигэр анаан бэлэмнээбит буолан, долгуйан турабын. Хаҥалас Покровскайыгар биир кыыс сиэним эмиэ оскуола киһитэ буолла. Онон биһиги урууга-аймахха Оҕо саас уонна Дьиэ кэргэн сылларыгар бүгүн — умнуллубат күн. Быйыл дойдубутугар Чурапчы Мугудайыгар сайылаатыбыт. Онон оҕолорбун оскуолаҕа киириэхтэрин иннинэ дуоһуйа сынньаттым диэн үөрэн турабын«.
Айархаан Бурнашев уһуйааҥҥа бииргэ сылдьыбыт доҕорунаан Алеша Колесовтыын биир кылааска үөрэнэр буоллулар. Онон элбэх оҕо ортотугар уолаттар бэйэ-бэйэлэрин өйөһө сылдьыахтара буоллаҕа.
Бу бүгүҥҥүҥ курдук өрүү күлэ-үөрэ сырыт, Айархаан Бурнашев! Дьоллоох оҕо сааһыҥ, оскуолатааҕы кэмиҥ умнуллубат үөрүүлээх түгэннэринэн толору буоллун!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: