Оскуола дьаарбаҥкатыгар үстэ төхтүрүйэн

Share

Дьокуускай куоракка Хомсомуол болуоссатыгар сыллата аһыллар “Оскуолаҕа тэрийии” атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар быйыл хаһан даҕаны сылдьыбатахпын сырыттым – үстэ төхтүрүйэн киирэн таҕыстым. Онтон харахпар хатанан хаалбытын уонна тус санаабын ааҕааччыларбын кытта үллэстэбин.

Кэриэйэ муодата киирдэ дуу…

Оҕону оскуолаҕа тэри­йэргэ бэрт чэпчэки суумалаах  табаартан ыараханыгар тиийэ кэчигирэһэн тураллар. Мин көрдөхпүнэ, ханна даҕаны атыылаһааччы баар. Арай, түгэх эрэ диэки абына-табына төлөпүөннэригэр умса түһэн олорооччулар көстөллөр.

Маннык улахан атыы тарҕанан турар сиригэр сыананы үчүгэйдик үөрэтэн көрөн баран ылар ордук. Манна чэпчэки диэбитиҥ, аттынааҕы атыыһык­ка букатын даҕаны босхону үрдүнэн турар буолуон сөп. Дьэ, ол иһин устаты-туора хаамыталыыбын. Сыана былырыыҥҥытааҕар эбиллибит. Устудьуоннардаах ийэ уонна үлэбинэн элбэхтик сурунарым быһыытынан, хаһан баҕарар маҥнай уопсай тэтэрээти уонна уруучуканы көрөбүн. Былырыын 30-40 солк. атыылаһар тэтэрээттэрбит 40-50 солк. тураллар. Уруучука сыаната ортотунан 7 солк. үрдээбит.

Улаатан эрэр оҕолор кэриэ­йэ муодатынан умсугуйаллара оччо эбитэ дуу¸ уруучукатыттан сүгэһэригэр тиийэ кэриэйдии табаар дэлэй. Күннүк (дневник), альбом, тэтэрээт тас ойуутун туһунан этэ да барыллыбат.

Оскуолаҕа кэтиллэр таҥас сыаната быһа холуйан 300-1000 солк. үрдээбит. Баанчыгыттан, хаалтыһыттан былаачыйатыгар тиийэ харах халтарыйар табаара.

СЫЫППАРАЛАР
Оскуолаҕа кэтиллэр таҥас сыаната быһа холуйан
300-1000
солк. үрдээбит.

“Школьная форма”

Уҥа көр, хаҥас хайыс барытыгар “Школьная форма” диэн сурук дэлэйдик суруллубут. Сороҕор,  арбааччылар итинтэн атыны тобулбатах буоллахтара дуу, диэх санаа киирэн ааһар. Ол оннугар атыылаһааччыны угуйар уу сахалыы сурук ыйаабыттара эбитэ буоллар, биир бэйэм патриоттаан даҕаны атыылаһыах эбитим буолуо. Баҕар, бэйэм өйдөөн көрбөтөҕүм эбитэ дуу, сахалыы бичиги биири да булбатым.

Итиэннэ быйыл оҕо да, улахан киһи даҕаны кыһыҥҥы таҥаһын атыыта харахпар балачча хатанна. Сорохтор ыйыллыбыт сууматтан 25 бырыһыан чэпчиир дэһэл­лэр. Холобур, алын кы­­лаас үөрэнээччитигэр кыһыҥҥы ыстааннаах сон 5300 солк. турар. Тутан көрдөххө, балачча халыҥ.

Аны атыылаһааччыны сэҥээрдэр араас аахсыйалары толкуйдаабыттар. “Со скидкой 25 %”, “От 2000 руб. скидка 10 %”, “Выиграй участок” диэн, о.д.а. суруктар кытта ыйаммыттар.

Оҕону оскуолаҕа тэри­йэргэ бэрт чэпчэки суумалаах  табаартан ыараханыгар тиийэ кэчигирэһэн тураллар. Мин көрдөхпүнэ, ханна даҕаны атыылаһааччы баар. Арай, түгэх эрэ диэки абына-табына төлөпүөннэригэр умса түһэн олорооччулар көстөллөр.
Атыылааччы уонна атыылаһааччы

Сыананы үөрэтэр, кэрийэн көрөр соруктаах киһи быһыытынан, атыылааччылартан, атыылаһааччылартан биир-икки тылынан сэмээр ыйыталаһан ааһабын. “Быйыл эрэ буолуо дуо, атыылаһааччы сыллата аҕыйаан иһэр. Оннооҕор дьаҥ кэмигэр маннык буолбатах этэ, атыыбыт хото барара”, – диэн табаарбын батарбыт эрэ киһи диэн толкуйдаах турар отуччалаах эр киһи санаатын үллэстэр.

Атыылааччылар үгүстэрэ даҕаны инньэ дэһэллэр. Ити төрүөтүнэн дьон таҥаһы-сабы, үөрэх тэрилин аахсыйаларга түбэһэн атыылаһарга дьулуһуута, бэрт удамыр сыанаҕа интэриниэтинэн сакаастаан ылар буолбута таайыан сөп.

Икки атыылаһааччыттан санааҕытын үллэстиҥ диэн көрдүм да, аккаастаннылар. Биир орто саастаах ийэ Анна хаартыскаҕа түһэрбэт буоллаххына диэн усулуобуйалаан сөбүлэстэ: “Уус Алдан улууһуттан сылдьабын. Оскуолаҕа үөрэнэр икки оҕо­­лоохпут. Быйыл уоппуска ылбычча, үөрэх саҕаланыан иннинэ оҕолорбун сынньата киирдим. Атыы-эргиэн дьаарбаҥката паарка аттыгар баара олус табыгастаах, ханна даҕаны ыраах хаамар ирдэммэт.

Таҥас-сап, үөрэх тэрилин сыаната син үрдээбит эбит. Ол эрээри, талар кыах баар буолан, булуохха сөп. Бүтэһигин дьаарбаҥкаҕа иллэрээ сыл сылдьыбытым. Биһиги үс паара атах таҥаһын, дьууппа, булууһа, колгуокка уонна тэтэрээт, уруучука, фломастер, өҥнөөх харандаас, альбом ыллыбыт”, – диэн кылгастык кэпсиир.

Баһаарга бытархай табаарга талар кыах элбэх буолан сыанатын түһэрэллэр. Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.
Түмүк санаа

Ити курдук, кыра-кыралаан үстэ төхтүрүйэн, аҕыс эрээттээх атыы дьаарбаҥкатын аҕыйахтык хардыылаан бүтэрэн кэбис­тим. Итиэннэ оҕо оскуолаҕа кэтэр таҥаһын от ыйыгар, атыр­дьах ыйын саҥатыгар маҕаһыыннарга аахсыйалары кэтээн көрөн атыылаһар ордук эбит диэн түмүккэ кэллим. Тоҕо диэ, алын кылааска үөрэнэр оҕобор атырдьах ыйын саҥатыгар маҕаһыынтан аахсыйаҕа түбэһэн сэлиэти уонна бүрүүкэни холбоон 3 тыһ. тахса суумаҕа атыыласпытым. Баһаарга сылдьан ол маҕаһыын атыытын дьээбэҕэ диэн өҥөйөн көрдүм. Номнуо биир бүрүүкэ 2700 солк. турар, итинтэн 15 % чэпчиир диэн “мэҥиэлээх”. Дьэ, бэйэҕит суоттаан кэбиһиҥ.

Оттон үөрэххэ туттуллар тэрили (тэтэрээти, уруучуканы) арыый үрдүк сыанаҕа ылбыт эбиппин диэн түмүккэ кэллим. Баһаарга ити курдук бытархай табаарга талар кыах элбэх буолан сыанатын түһэрэллэр. Биир бэйэм, саамай чэпчэки сыана “Сахаадаҕа” эбит диэн көрдүм.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтэ түмэл пуондатыгар эспэнээттэри туттарда

СӨ үбүн министиэристибэтэ  "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар  байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

38 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

40 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

1 час ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо?

Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…

2 часа ago