Оскуола оҕолоро күһүҥҥү дьаарбаҥканы тэрийдилэр
Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар үгэс буолбут күһүҥҥү дьаарбаҥка ыытылынна. Хас биирдии кылаас оҕуруот аһыттан ас астаан атыылаатылар.
Дьыл күһүҥҥү кэмигэр сыһыаннаах араас куонкурустар ыытылыннылар. Дьаарбаҥка кэнниттэн бэһис кылаастары орто сүһүөххэ тахсыбыттарынан чиэстээһин үрдүк таһымнаахтык ааста. Бүгүҥҥү тэрээһин туһунан учууталлар санааларын билиһиннэриэхпит.
СӨ үтүөлээх учуутала Валентина Викторовна Блахирова: «Наһаа үчүгэй тэрээһин буолла. Оҕолорбут, төрөппүттэрбит барахсаттар баҕа баһаам, кылаас салайааччылара маладьыастар! Улахан кылаас оҕолоро наһаа үчүгэй көхтөөх түмсүүлэммиттэр. Барыта үчүгэй!»
РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ И.Р. Бястинова: «Наһаа үчүгэй тэрээһин буолла. Кылаастар бары бииртэн биир киһи көрөн сөҕөр гына үчүгэйдик бэлэмнэммиттэр. Аны күһүҥҥү ас быыстапкатын тэрийдилэр. Бэһистэри чиэстээһин кэмигэр оҕолор уҥкүүлэрэ үчүгэйин, наһаа сэргэх оонньууну тэрийдилэр. Киһи үөрэр. Маладьыастар!»
Иитэр үлэни тэрийээччи Варианна Васильевна Макарова: Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылыгар аналлаах «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн!» дьаарбаҥка-быыстапканы бары кылаастар, кылаас салайааччылара, төрөппүттэр бэркэ бэлэмнэнэн тэрийдилэр. Оскуола оҕолоро уонна төрөппүттэр бары көхтөөх кыттыыны ыллылар. Дьаарбаҥка киэргэтиитэ — араас интэриэһинэй тиэмэлэрдээх, ураты уран оҥоһуктардаах, бэйэлэрэ үүннэрбит оҕуруоттарын аһын кэккэлэттилэр, ону таһынан, ас арааһын астаан, көрдөрүүгэ туруордулар уонна атыылаатылар. «Орто Амма кэскилэ» оҕо уопсастыбаннай хамсааһын актыбыыстара бу дьоро күнү тэрийэн ыыттылар. Бэйэлэрэ мусукаалынай эҕэрдэлэрин үҥкүүнэн, гитараҕа ыллаан, көрдөөх оонньуулары тэрийэн киэргэттилэр. Кыттыылаахтарга бэйэм дириҥ махталбын тириэрдэбин!»
Ити курдук, биһиги холбоһукпутугар үөрэнээччи, төрөппүт, учуутал кыттыылаах араас үчүгэй күннэр элбэхтик буолаллар.
Лейла НИКОНОВА, Таатта, Харбалаах
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: