Оскуола оҕолоро күһүҥҥү дьаарбаҥканы тэрийдилэр

Share

Балаҕан  ыйын 26 күнүгэр Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар үгэс буолбут  күһүҥҥү дьаарбаҥка ыытылынна. Хас биирдии кылаас оҕуруот аһыттан ас астаан атыылаатылар. 

Дьыл күһүҥҥү кэмигэр сыһыаннаах араас куонкурустар ыытылыннылар. Дьаарбаҥка кэнниттэн бэһис кылаастары орто сүһүөххэ тахсыбыттарынан чиэстээһин үрдүк таһымнаахтык ааста.  Бүгүҥҥү тэрээһин туһунан учууталлар санааларын билиһиннэриэхпит.

СӨ  үтүөлээх учуутала Валентина Викторовна Блахирова: «Наһаа үчүгэй тэрээһин буолла.  Оҕолорбут, төрөппүттэрбит барахсаттар баҕа баһаам, кылаас салайааччылара маладьыастар! Улахан кылаас оҕолоро наһаа үчүгэй көхтөөх түмсүүлэммиттэр.  Барыта үчүгэй!»

РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ И.Р. Бястинова: «Наһаа үчүгэй тэрээһин буолла. Кылаастар бары бииртэн биир киһи көрөн сөҕөр гына үчүгэйдик бэлэмнэммиттэр. Аны күһүҥҥү ас быыстапкатын тэрийдилэр. Бэһистэри чиэстээһин кэмигэр оҕолор уҥкүүлэрэ үчүгэйин, наһаа сэргэх оонньууну тэрийдилэр. Киһи үөрэр. Маладьыастар!»

Иитэр үлэни тэрийээччи Варианна Васильевна Макарова: Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылыгар аналлаах «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн!» дьаарбаҥка-быыстапканы  бары кылаастар, кылаас салайааччылара, төрөппүттэр бэркэ бэлэмнэнэн тэрийдилэр.  Оскуола оҕолоро уонна төрөппүттэр бары көхтөөх кыттыыны ыллылар. Дьаарбаҥка киэргэтиитэ — араас интэриэһинэй тиэмэлэрдээх, ураты уран оҥоһуктардаах, бэйэлэрэ үүннэрбит оҕуруоттарын аһын кэккэлэттилэр, ону таһынан, ас арааһын астаан, көрдөрүүгэ туруордулар уонна атыылаатылар.  «Орто Амма кэскилэ» оҕо уопсастыбаннай хамсааһын актыбыыстара бу дьоро күнү тэрийэн ыыттылар. Бэйэлэрэ мусукаалынай эҕэрдэлэрин үҥкүүнэн, гитараҕа ыллаан, көрдөөх оонньуулары тэрийэн  киэргэттилэр. Кыттыылаахтарга бэйэм дириҥ махталбын  тириэрдэбин!»

Ити курдук, биһиги холбоһукпутугар үөрэнээччи, төрөппүт, учуутал кыттыылаах араас үчүгэй  күннэр элбэхтик буолаллар.

Лейла НИКОНОВА, Таатта, Харбалаах

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

12 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

12 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

13 часов ago