Салгыы
«Оскуола остолобуойугар олохтоох ас-үөл баар буолуо»

«Оскуола остолобуойугар олохтоох ас-үөл баар буолуо»

23.12.2023, 11:00
Хаартыска: А.Атласова.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ уопсастыбаннас Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайбыт Анал этиитин ырытыһар. Ил Түмэн социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова бу курдук санаатын үллэһиннэ:

— Арассыыйаҕа 2024 сыл Дьиэ кэргэн сылынан, оттон Саха сиригэр Оҕо саас сылынан биллэрилиннэ. Оҕо саас  сылыгар хас биирдии оҕо сайдарыгар, доруобуйатын чэбдигирдэргэ, олоҕун суолун таба таларыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиэхтээхпит. Ил Дархан олохтоох аһы-үөлү уһуйаан уонна оскуола остолобуойугар киллэрэргэ сорудахтаата. Норуот дьокутааттара олохтоох үрүҥ илгэни, иҥэмтиэлээх эт аһы оскуола остолобуойугар киллэрэри хас да сыл тухары туруорсубуттара.

Оҕо аймах — биһиги өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут кэскилэ. Үүнэр көлүөнэни сайыннарарга IT- технологияҕа, киинэ эйгэтигэр, анимацияҕа саҥа бырайыактар олоххо киирдилэр. Үлэ — хас биирдии киһи олоҕун уйгута, итинэн сиэттэрэн, ыччаты бырамыысыланнаска сыһыарарга, ороуочай идэлэри баһылыырыгар улахан болҕомто ууруллар. Элбэх оҕолоох ыал оҕолоругар орто үөрэх төлөнүө, онон оҕо идэ ыларыгар, хамнас аахсарыгар бастакы тирэх буолуо. Оскуоланы бүтэрээччилэргэ сэртипикээт бэриллэр буолбута эмиэ онно көмөлөөх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
17 мая
  • 8°C
  • Ощущается: 6°Влажность: 87% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: