Хаартыска: А.Атласова.
Бу күннэргэ уопсастыбаннас Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайбыт Анал этиитин ырытыһар. Ил Түмэн социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова бу курдук санаатын үллэһиннэ:
— Арассыыйаҕа 2024 сыл Дьиэ кэргэн сылынан, оттон Саха сиригэр Оҕо саас сылынан биллэрилиннэ. Оҕо саас сылыгар хас биирдии оҕо сайдарыгар, доруобуйатын чэбдигирдэргэ, олоҕун суолун таба таларыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиэхтээхпит. Ил Дархан олохтоох аһы-үөлү уһуйаан уонна оскуола остолобуойугар киллэрэргэ сорудахтаата. Норуот дьокутааттара олохтоох үрүҥ илгэни, иҥэмтиэлээх эт аһы оскуола остолобуойугар киллэрэри хас да сыл тухары туруорсубуттара.
Оҕо аймах — биһиги өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут кэскилэ. Үүнэр көлүөнэни сайыннарарга IT- технологияҕа, киинэ эйгэтигэр, анимацияҕа саҥа бырайыактар олоххо киирдилэр. Үлэ — хас биирдии киһи олоҕун уйгута, итинэн сиэттэрэн, ыччаты бырамыысыланнаска сыһыарарга, ороуочай идэлэри баһылыырыгар улахан болҕомто ууруллар. Элбэх оҕолоох ыал оҕолоругар орто үөрэх төлөнүө, онон оҕо идэ ыларыгар, хамнас аахсарыгар бастакы тирэх буолуо. Оскуоланы бүтэрээччилэргэ сэртипикээт бэриллэр буолбута эмиэ онно көмөлөөх.
Бүгүн, ахсынньы 13 күнэ, САССР норуодунай артыыһа, сахалартан бастакынан улуу сирдьит Ленин оруолун саха национальнай…
Маны туһанан Арассыыйаҕа түөкүттэр сиэри таһынан баран эрэллэр. Куйаар ситимэ киириэҕиттэн бэйэтэ да түргэтээбит, ааһа…
Саҥа сылы көрсө харыйаны туруоруу, дьиэни киэргэтии аҥаардас бырааһынньыкка эрэ бэлэмнэнии буолбатах. Фэн-шуй этэринэн, бу барыта…
Биир үтүө күн маҕаһыыҥҥа бэркэ билэр дьахтарбын көрсө түстүм. Билэр киһи сиэринэн, үөрэ-көтө дорооболоһоору гыммытым,…
Дойду бэйэтэ оҥорон таһаарар аһынан-үөлүнэн хааччынар буоллаҕына, бигэ туруктаах, сарсыҥҥыга эрэллээх, дьоно-сэргэтэ чэгиэн туруктаах буолар.…
Чэпчэтиилээх куортам бырагыраамата 2022 сыллаахха Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум үлэтин түмүгүнэн, бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээһининэн, олоххо…