Оскуола үөрэнээччилэрэ сиэри таһынан ноҕуруускалаахтарын, үөрэх бырагыраамата өрүү уустугуран иһэрин туһунан Судаарыстыбаннай Дуумаҕа төрөппүттэр суруктара киирэ турар эбит.
“Оҕолорбут күҥҥэ ортотунан 8-10 чаас үөрэнэллэр. Бу сиэри таһынан буоларын төрөппүттэр элбэхтик суруйаллар” – диэн Парламент палататын бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин тус телеграм ханаалыгар иһитиннэрэр.
Ноҕуруускалыыр төрүөтүнэн төрөппүттэр үөрэх бырагыраамата өрүү уустугура турарын, күннээҕи уруоктара элбэҕин (8-ка диэри уруок), факультативка сылдьыыларын, тус бырайыагынан үлэлээһиннэрин, эбии үөрэхтээһини, дьиэҕэ үлэ элбэҕин, уустугун, хонтуруолунай үлэҕэ, эксээмэҥҥэ бэлэмнэниини, хас үһүс оҕо субуотаҕа үөрэнэрин ыйаллар.
“Эспиэртэр чахчыларынан, оҕо 70-80% үөрэхтэн сылайарын бэлиэтииллэр. Бу барыта оҕо доруобуйатыгар охсуулаах. Ону таһынан, бу курдук иллэҥэ суох буолан оҕо тугунан эмэ умсугуйан дьарыктанарыгар, доҕотторун кытта илэ көрсөн алтыһарыгар бириэмэтэ тиийбэт” – диэн дьокуутаат суруйар итиэннэ маныаха дьон санаатын ыйытар. Кэмэнтээрийгэ 8 тыһ. тахса киһи суруйбутуттан сылыктаатахха, чахчы элбэх төрөппүтү, киһини долгутар боппуруос быһыылаах.
Сэтинньи 23 күнүгэр Суотту нэһилиэгэр Хоноҕордооҕу "Түһүлгэ" сынньалаҥ киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, өр сылларга…
Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта…
ЫБММ Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрбитинэн, Уус Маайа бөһүөлэгэр Горькай уулуссаҕа баар бэкээринэ умайда. Эмсэҕэлээбиттэр тустарынан…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэргэ Дьокуускай куоракка Строителлэр уулуссаларыгар баар маҕаһыын таһыгар кырбаммыт эр дьон баалларын…
Байденнаах ыраах тэбэр аракыаталары "көҥүллээбиттэригэр" хардаран тыастааҕар түргэн тэргэммит тыаһаата. Политолог Чокуур Гаврильев анаарыытын манна…
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу алта түбэлтэтэ тахсан, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Хаҥалас, Сунтаар оройуоннарыгар…