Оскуола үөрэнээччитэ «Фтизиатрияттан» анал бирииһи ылла
Өрөспүүбүлүкэҕэ сэллиги утары охсуһуу ыйыгар устудьуоннар икки тэрээһиннэрэ буолбута. Манна эксперт быһыытынан “Фтизиатрия” научнай-бырактыычаскай киин учуонай сэкирэтээрэ Екатерина Павлова кыттыбыта.
Кулун тутар 23 күнүгэр ХИФУ Мэдиссиинэҕэ институтугар “Инфектология боппуруостара. Социальнай суолталаах уонна ураты кутталлаах инфекционнай ыарыылаахтар” научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэ буолла. Устудьуоннар бэйэлэрин чинчийиилэригэр уустук уонна сэдэх килиниичэскэй түгэннэри ырыттылар. Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарын ортолоругар баар биир оскуола үөрэнээччитэ, Малай мэдиссиинискэй академияҕа үөрэнэр уол сэллик боппуруостарыгар төрөппүттэргэ мобильнай сыһыарыы бырайыагын билиһиннэрдэ. Кини “Фтизиатрияттан” анал бирииһи ылла. Дакылааттары экспердэр интэриэһиргээтилэр, элбэх ыйытыы бэрилиннэ.
Кулун тутар 29 күнүгэр ХИФУ Мэдиссиинэ институтугар социальнай суолталаах инфекцияларга устудьуоннар VI олимпиадалара буолла. Олимпиадаҕа институт араас отделениетыттан 9 хамаанда кытынна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: