Оскуолаҕа мобильнай төлөпүөнү бобор туһунан сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылыннылар
Аныгы оҕо төлөпүөҥҥэ, гаджекка “ылларан”, сороҕор, дьиэҕэ да үлэтин умна быһыытыйар, ыксалынан-тиэтэлинэн, үрдүнэн-аннынан оҥорор түгэннэрэ элбэхтэр. Оскуолаҕа тиийэн уруок бириэмэтигэр кытта оонньооччулар бааллар диэн аҕыйах сылтан бэттэх үгүстүк бэлиэтиир буоллулар.
Биһиги дьолбутугар, оскуолаҕа төлөпүөнү бобор туһунан сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылыммыттар. Бу туһунан Судаарыстыбаннай Дуума саайтыгар иһитиннэрэллэр.
“Оскуолаҕа мобильнай төлөпүөнү бобор туһунан учууталлар, төрөппүттэр көрдөспүттэрэ быданнаата. Көннөрүү дьиссиппилиинэни тупсарыаҕа: оҕолор смартфоҥҥа аралдьыйбат буолуохтара”, — диэн бэрэссэдээтэл Вячеслав Володин бэлиэтээбит. Ол эрээри, сокуон барылын иккис ааҕыыга ситэрэн-хоторон биэрэр соруктаахтар. Ол курдук, төрөппүттэргэ да, учууталларга даҕаны табыгастаах буоларын, оҕолор доруобуйаларыгар сыһыаннаах ыксаллаах түгэҥҥэ туһаналлара көҥүллэнэрин курдук быһаарыахтара. Сокуон барылын иккис ааҕыыга көрүү ахсынньы саҥатыгар былааннанар диэн ыйбыттар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: