Оскуолаларга – саҥа сүүрээннэр
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара букатын аҕыйах хонук хаалла. Оскуолаларга туох саҥа уларыйыылар киириэхтэрэй? Бүгүн олортон сүрүн, сонун түгэннэрин билиһиннэрэбит.
10-11-с кылаас үөрэнээччилэригэр саҥа кинигэ
Быйыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн Арассыыйа 10-с уонна 11-с кылааһын оҕолоро устуоруйаҕа саҥа кинигэнэн үөрэниэхтэрэ. 5-9-с кылаастарга саҥа учуобунньук эһиилги үөрэх дьылыттан киириэҕэ.
Саҥа учуобунньук түөрт туомтан турар: 1914-1945 сс. хабар 10-с кылаастарга аналлаах “Арассыыйа устуоруйата”, 1945 сылтан билиҥҥи кэмҥэ тиийэ сырдатар 11-с кылаастарга аналлаах “Арассыыйа устуоруйата” итиэннэ 10-11-с кылаастарга уопсай устуоруйаны кэпсиир икки туом.
“Оскуолаҕа кырдьыктаах чахчы үөрэтиллэрэ уонна оҕолор дойдубут улуу устуоруйатын өйдүүллэрэ улахан суолталаах. Ол иһин былырыын устуоруйа биридимиэтигэр биир кэлим бырагырааманы оҥорон ылыммыппыт. Онно олоҕуран 10-
11-с кылаастарга аналлаах үөрэх кинигэтэ бэлэмнэннэ, балаҕан ыйын 1 күнүттэн номнуо үөрэтэн барыахтара”, — диэн РФ үөрэҕириигэ миниистирэ Сергей Кравцов кинигэ сүрэхтэниитигэр этэн турар. Учуобунньукка байыаннай эпэрээссийэ саҕаламмыт төрүөтүн быһаарыыга, Арассыыйаҕа саҥа эрэгийиэннэр киириилэрэ, дойду аныгы сайдыытыгар туспа бас анаммыттар. Учуобунньук ааптардарынан РФ бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ, Арассыыйатааҕы байыаннай-историческай уопсастыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Мединскэй, Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыы Москватааҕы судаарыстыбаннай институтун ректора Анатолий Торкунов, РНА уопсай устуоруйаҕа институтун билимҥэ салайааччыта Александр Чубарьян буолаллар. Үөрэх кинигэтэ бары бэрэбиэркэни, үөрэтэн көрүүнү ааспыт дииллэр.
Эһиилгиттэн ГОСТ-нан оскуола пуорматын тигиэхтэрэ
Кэлэр сылтан Арассыыйаҕа судаарыстыбаннай ыстандаартынан (ГОСТ) оскуола үөрэнээччилэрин пуорматын тигэн саҕалыахтара. 1990-с сыллар саҥаларыттан Арассыыйаҕа оскуола пуормата диэн суох буолбута. Онтон бэттэх оҕо таптаабытынан таҥнан кэллэ. Маны ким эрэ биһириир, ким эрэ сирэр.
Кэлэр сылтан судаарыстыбаннай ыстандаартынан үөрэнээччилэр пуормаларын тигэн саҕалыахтара. Бу туһунан Объясняем РФ суруйар. Сыаната эрэ “соһуппатар”, төрөппүттэр атыылаһыах этилэр. Билигин ааттаах-суоллаах маҕаһыыннарга атыыга баар пуормалар бас быстар сыаналаахтар. Үгүс, элбэх оҕолоох төрөппүттэр ылар кыахтара суох. Оттон удамыр сыаналаах пуорма хаачыстыбата быстар мөлтөх. Сорохтор сылга иккитэ ыларга күһэллэллэр. Онон ГОСТ ирдэбилинэн тигиллэр пуорма туһунан сонуну үгүс төрөппүттэр биһирии иһиттилэр. Ол аата сэбиэскэй кэмҥэ курдук дойду үрдүнэн биир кэлим пуорма ирдэнэр дуо, диэн мунаарар. Өссө быйыл сайын РФ үөрэҕириитин миниистирэ Сергей Кравцов сокуонунан киирбэт, оннук былаан турбат диэн хаста даҕаны эппитэ. Онон булгуччулаах ирдэбил турбат. ГОСТнан тигиллэр үөрэх пуормата хайдах буолуой? Матырыйаала уунар, бөҕө, салгыны аһардар, оҕо этэ-сиинэ тыынар буолуохтаах. Боруобаҕа кэтиллэр таҥаһы тикпиттэрин оҕолор номнуо үс сыл кэтэн, үөрэнэн көрбүттэр. Бэрт табыгастаах, салгыны аһардар уонна хаачыстыбалаах диэн түмүккэ кэлбиттэр. Онон эһиилгиттэн атыыга тахсыаҕа диэн этэллэр. Кэмпилиэккэ куопта, булууһа, сэлиэт, бинсээк, кардиган, джемпер, сибиитирэ, ырбаахы, бүрүүкэ, шортик киирэр. Уолаттарга, кыргыттарга күннээҕи үөрэххэ уонна бырааһынньыкка диэн тус-туспа анаан тигиэхтэрэ. Уопсайынан, сыыйа-баайа дойдубут урукку көрүүгэ, иитиигэ-үөрэтиигэ төннөн эрэр дуу диэн санаа үөскүүр.
Үрүҥ көмүс мэтээли сөргүтүөхтэрэ
Арассыыйаҕа оскуоланы бүтэрээччилэргэ үрүҥ көмүс мэтээллэри туттарыы 2014 сылтан тохтообута. Бу сылларга кырылас “биэһинэн” бүтэрбиттэргэ кыһыл көмүс мэтээли туттаран кэллилэр. Ол эрээри, 2023-2024 сылтан дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бигэргэппит сокуонунан, үрүҥ көмүс мэтээллэри – “Үөрэххэ оһуобай ситиһиитин иһин” II истиэпэннээх мэтээллэри туттарыыны сөргүтэр буоллулар. Тустаах мэтээли икки эрэ “түөртээх” онтон атыттара барыта “биэс” сыаналаах оҕолорго биэриэхтэрэ.
Итиэннэ кыһыл көмүс курдук, үөрэххэ киирэргэ биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) баал эбиэ диэн этэллэр. Ол эрээри, маны эксээмэнинэн бигэргэтэллэрэ ирдэнэрин дуу, суоҕун дуу, ол туһунан билиҥҥитэ туох даҕаны сибики суох. Онон эһиилгиттэн оскуоланы бүтэрээччилэргэ: “Үөрэххитигэр кытаатыҥ!” – диэн сүбэлиибит. “Отонноотоххо оҥоойук туолар” дииллэринии, аҕыйах да баал эбиллиитэ үөрэххэ киирэргэ улахан оруоллаах.
Үөрэнээччилэри үлэҕэ сыһыарыахтара
Үөрэх туһунан сокуоҥҥа оскуола үөрэнээччилэрин туһалаах уопсастыбаннай үлэҕэ кытыннарыы эбээһинэһин киллэрдилэр. Ол эрээри, муоста сууйааччылары уураталаан баран кинилэр эбээһинэстэрин үөрэнээччилэргэ сүктэрэллэр диэн толкуйдуур сыыһа. Урукку сылларга оскуоланы бүтэрбиттэр өйдүүр буолуохтааххыт, хас чиэппэр аайы үөрэнэр паартабытын сууйарбытын, кылааска генеральнай убуорка оҥорорбутун, сибэкки, мас олордорбутун, саас оскуола тэлгэһэтин харбыырбытын. Оҕону уопсастыбаннай үлэҕэ, тулалыыр эйгэҕэ, оскуолаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга иитэр инниттэн урукку сүүрээни киллэрэн эрэллэр. Уопсастыбаннай, туһалаах үлэнэн дьарыктаныахтара, ол иһигэр бэтэрээннэргэ көмөлөһүөхтэрэ. Ол эбэтэр үлэнэн иитии биир көрүҥэ буолар. Кырдьык, аныгы оҕо үлэттэн тэйдэ, гаджекка оҕунна, онон хамсаныы булгуччу ирдэнэр. Өссө үлэ, сынньалаҥ лааҕырдарын сөргүтэллэрэ эбитэ буоллар диэн элбэх төрөппүт, эбээ-эһээ этэр.
Алын байыаннай бэлэмнэнии кууруһа
Кэлэр үөрэх дьылыттан оскуола бырагырааматыгар алын байыаннай бэлэмнэнии (начальная военная подготовка) кууруһа киириэҕэ.
“Маннык кууруһу 2023 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри бэлэмниэхпит. Ол кэнниттэн оскуолаларга бэрэбиэркэлээн көрүүнү ааһыаҕа уонна кэлэр үөрэх дьылыгар оскуолаларга киириэҕэ”, – диэн дойду үөрэҕириитин миниистирэ Сергей Кравцов чопчулаабыта.
Санатан эттэххэ, уларыта тутуу кэмигэр – 1990-с сыллар саҥаларыгар суох буолбут “алын байыаннай бэлэмнэнии” биридимиэти төнүннэрэр туһунан быйылгыттан элбэхтик ахтыллан эрэр. Билигин ырытыыга сылдьар. Онно олоҕуран, ОБЖ биридимиэт оннугар “Основы безопасности и защита Родины” диэн саҥа биридимиэт киириэҕэ. Саҥа биридимиэккэ алын байыаннай бэлэмнэнии кууруһа киэҥник хабыллыаҕа диэн бэлиэтииллэр. Ол курдук, үөрэх бырагырааматын бырайыагар, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин “ОБЖ” кууруһугар бырагыраама икки барыйаана киирбит. Бастакы баазовай куурус күннээҕи олоххо-дьаһахха, тырааныспарга, уопсастыбаҕа, айылҕаҕа сэрэхтээх буолууга, ону тэҥэ, судаарыстыба, оборуона уонна сүрүн байыаннай сулууспа туһунан өйдөбүллэри иҥэриигэ туһаайыллар. “ОБЖ” кууруһун иккис барыйааныгар “Элементы начальной военной подготовки” туспа муодул баар. Манна строевой хаамыы, байыаннайдыы эҕэрдэлэһии, пехота саллаатын сэбэ-сэбиргэлэ, ону сөпкө туһаныы киирэр. 10-11-с кылаас үөрэнээччилэрэ бастакы көмөнү оҥоро үөрэниэхтэрэ уонна тус харыстаныы сириэстибэлэрин кытта билсиэхтэрэ диэн ыйыллар.
Үөрэҕирии министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, хас биирдии оскуола бэйэтигэр сөптөөх “ОБЖ” кууруһун барыйаанын талыаҕа. Бу көннөрү куурус буолар, урукку курдук улахан кылаас уолаттара тахсан окуопа хаһыахтара, сыыллан барыахтара диэн толкуйдуур сыыһа буолуо, аныгылыы үөрэтии диэххэ сөп.
Идэҕэ эрдэттэн бэлэмнээһин
“Оскуолалар оҕону идэҕэ эрдэттэн бэлэмнээбэттэр, уйулҕа үлэһиттэрэ тестэринэн эрэ муҥурданаллар” диэн элбэхтик истэбит. Төрөппүт санаатын истэн эбитэ дуу, олох тэтимэ түргэтээн эбитэ дуу, быйыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн нэдиэлэ аайы идэҕэ эрдэттэн туһаайар (профориентационные) дьарыктары ыытыахтара. “Суолталааҕы кэпсэтии” курдук биир халыыбынан барыаҕа диэн этэллэр. Базовай, сүрүн уонна үрдүкү таһымнарга арахсыаҕа, оскуола мантан биири талан үөрэтиэҕэ. 6-11-с кылаас үөрэнээччилэрэ хас чэппиэр аайы үөрэҕи таһынан дьарык быһыытынан “Россия – мои горизонты” идэҕэ туһаайар уруокка сылдьыахтара. Эрэгийиэннэргэ сүбэ быһыытынан номнуо ыыталаабыттар, маны олоххо киллэрэргэ сэттэ хайысха көрүллэр эбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: