Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларыгар саҥа оптуобустар күлүүстэрин туттарда.
20 оптуобус Саха сирин тыйыс килиимэтигэр анаан оҥоһуллубуттар. Саҥа тырааныспары ол иһигэр Арктика оройуоннарын икки тыа оскуолаларыгар анаатылар.
«Кэнники сылларга оскуолаларынан оптуобустар күлүүстэрин туттарыы үтүө үгэскэ кубулуйда. Бүгүн 20 оптуобус күлүүстэрин туттардыбыт. Кинилэр ортолоругар 17 оскуола, икки кэллиэс уонна «Бэс чагда» оҕолору сынньатар уонна чэбдигирдэр киин. Владимир Путин көмөтүнэн саҕаламмыт бырагыраама олоххо киирэриттэн үөрэбин. Бырагыраама географията олус киэҥ. Оҕолор араас күрэхтэһиилэргэ, куонкурустарга кыттар кыахтаныахтара», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
«Оптуобустар олус сылаастар. Тырааныспары Зырянка оскуолатыгар туттардыбыт. Кыһыҥҥы суол аһылыннаҕына саҥа тиэхиньикэни оскуолаҕа ыытыахпыт. Оптуобустар нэһилиэктэр икки ардыларыгар сүүрүөхтэрэ, онон оскуола оҕолоро араас тэрээһиннэргэ, научнай кэмпириэнсийэлэргэ кыттыахтара. Зырянка оскуолатыгар олус көхтөөх оҕолор үөрэнэллэр, олимпиадаларга мэлдьи кытталлар. Биһиги оҕолорбутугар оптуобус анаммытыгар олус махтанабыт», — диэн Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин управлениетын бэрэстэбиитэлэ Марианна Семенова иһитиннэрдэ.
Оптуобус пааркатын саҥардыы РФ Атыы-эргиэн бырамыысыланнаһын министиэристибэтин кытта бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн оҥоһуллар. Быйыл тырааныспардары атыылаһыыга 61 мөл. солк. тахса үп-харчы көрүллүбүтэ. Былырыын Саха сирэ 44 оскуола оптуобуһун ылбыта.
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…