Агролаборатория араас эгэлгэ үүнээйитин сэргэ, оскуола биисинэс-бырайыактарын үлэлэттэ, үтүө санааланыы тэрээһиннэрин ыытта. Онон болҕомтону улаханнык ылла, дьону-сэргэни сэргэхситтэ.
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха быйыл тохсунньуттан саҕалаан РОСТ агролаборатория үлэтин саҕалаабыта. Оскуола гидропоннай тэпилииссэлээх. Онно салаат, күөх үүнээйи арааһа, оҕурсу, сибэкки эгэлгэтэ үүннэрдилэр.
Агролаборатория тэриллэн, үөрэнээччилэр научнай-практическай үлэҕэ кыттар кыахтаннылар, агроном оруолугар бэйэлэрин боруобаланнылар. Сорох оҕолор үрдүк үөрэх кыһатыгар агроном идэтигэр үөрэнэн баран, төрөөбүт нэһилиэктэрин сайыннара, үөрэхтээх, идэлээх дьон буолан төннөн кэлэн үлэлиэхпит диэн сырдык ыра санааланнылар.
Агролаборатория бырайыагар хас да күүстээх кыттааччы түмсэн, хас биирдиилэрэ бэйэлэрин чинчийиилэрин аҕалбыттара: бырайыагы көҕүлээччи СӨ Ил Дарханыгар бигэ туруктаах сайдыы сэбиэтин чилиэнэ Людмила Николаева, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Баатара орто оскуолатын салалтата, АГАТУ уонна Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката. Түгэнинэн туһанан эттэххэ, бырайыак «Среда возможностей» куонкурус гранын ылбыта.
Үлэ туһунан сырдаттахха, тэпилииссэҕэ олордубут үүнээйилэрэ ситэн-хотон, салааты таһынан манна күөх үүнээйи арааһын, биэрэс, оҕурсу, помидор, сибэкки арассаадаларын атыылаабыттар. Дьон-сэргэ хамаҕатык атыыласпыт. Оскуолаларыгар оҕурсу арассаадатын иккитэ төхтүрүйэн олордубуттар уонна бүөбэйдээбиттэр, көрбүттэр-истибиттэр. Онон бырайыак кыттыылаахтара сыраласпыттара, элбэххэ үөрэммиттэрэ үтүө түмүктэрдээх буолбут. Оттон сибэккилэрин оскуола таһыгар олордубуттар. Сибэккилэри билигин сайыҥҥы лааҕыр оҕолоро көрөллөр-харайаллар. Өссө оҕолор олордубут үүнээйилэрин быйаҥыттан бэтэрээннэргэ уонна Оҕо көмүскэлин күнүгэр оҕолорго бэлэх оҥорбуттар.
Агролаборатория бырайыагынан биисинэс-бырайыакка маастар-кылаас ыытыллар. Бу маастар-кылааһы бырайыагы салайар, биология учуутала, завуч Дария Жиркова салайан ыытар. Оттон оҕолор бырайыактарынан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах куонкурустарга ситиһиилээхтик кытталлар. Күһүн «Среда возможностей» куонкуруска өссө төгүл кыттар былааннаахтар.
Хаартыскалар Сыымах оскуолатын тиксэриилэрэ
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…