Оскуоланы бүтэрбиттэрэ 50 сыл ааспытын кэнниттэн учууталларыттан сонун туттулар

Share

Иннибэр адаархай буочарынан суруллубут истиҥ тыллардаах сурук оҕото сытар. Бу, лоп-курдук 50 сыл анараа өттүгэр тоһуттар тымныылаах Саха сирин тыатыгар — Чурапчы улууһун Мугудай оскуолатыгар соҕурууттан кэлэн нуучча тылын, литэрэтиирэтин учууталынан үлэлээбит Валерий Петрович Абрамов оскуола кэлэктиибигэр, үөрэнээччилэригэр анаабыт тыллара.

Саас сааһынан кэпсээтэххэ

1970–1973 сылларга Чурапчы улууһун Мугудай оскуолатыгар ыраах Кубаньтан эдэркээн нуучча тылын, литэрэтиирэтин учуутала кэлэн үлэлээбит. 9 “А” кылааһы салайбыт, оскуоланы бүтэртэрбит. Үөрэнээччилэрэ учууталларын кэлиҥҥи дьылҕатын лоп курдук 50 сыл устата истибэккэ сылдьыбыттар.

Быйыл сайын Мугудай оскуолатын электроннай буостатыгар В. П. Абрамовтан сурук тигинээн кэлбит. Оскуолаҕа бииргэ үлэлээбит, миигин өйдүүр дьон баар буоллахтарына, бука, билинниннэр диэн ис хоһоонноох. Бииргэ үлэлээбит дьоно сааһыран олохтон туораатахтара, үөрэппит оҕолоро быйыл оскуоланы бүтэрбиттэрэ номнуо 50 сылын бэлиэтээбиттэр. Кылаастарын салайааччытыгар анаан оҕо сааһы, оскуолатааҕы сыллары эргитэр истиҥ тыллардаах ахтыы суруйан, нууччалыы тылбаастатан ыыппыттар. Ахтыыны кылгатан бэчээккэ таһаарабыт.

Учууталбыт туһунан ахтыылар

Биһиги 1970-1972 сылларга Мугудай оскуолатыгар үөрэнэрбитигэр Сэбиэскэй Сойуус арҕаа өттүттэн кэлэн үлэлиир хас да учуутал баара. Кинилэртэн нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин үөрэтэр эдэркээн Валерий Петрович Абрамовы үрдүк култууралаах, үтүө сүрэхтээх киһини үчүгэйдик өйдүүбүт. Кини, арааһа, үрдүк үөрэҕи бүтэрээт Мугудай оскуолатыгар ананан кэлбит быһыылааҕа.

Хаартыска: Е.И. Гоголева тиксэриитэ.

Мария Гаврильевна Колесова (Тарабукина):

— 9-с “А” кылааска Төлөйтөн, Мугудайтан, Бахсыттан, Алаҕартан мустан 20 оҕо үөрэнэн барбыппыт. Кылаас салайааччытынан Абрамов Валерий Петрович диэн эдэр нуучча киһитэ ананан барыбытын соһуппута. Ити 1970-с сылларга тыа оскуолаларыгар олохтоох каадыр тиийбэтиттэн нууччалыы тыллаах элбэх омук учууталлара үөрэтэ кэлэр кэмнэрэ этэ.

Олоҕу өйдүүр, кэрэҕэ тардыһар үрдүкү кылаас оҕолоругар, биһиэхэ олус интеллигентнэй, холку, билиилээх эдэр нуучча учуутала элбэҕи үөрэппитэ, холобур буолбута. Маннык кылаас салайааччылаах буоларбытынан киэн туттарбыт, этэр тылын истэр этибит.

Саас Пионерия күнүгэр завуч ыытар дьаһалын чэрчитинэн учууталларга хаалтыста баайыҥ диэн буолла. Мин кылааска культмассовай үлэҕэ эппиэттээҕим быһыытынан, эн Валерий Петровичка учительскайга киирэн баайаҕын диэн баран, солко кыһыл хаалтыһы туттаран кэбистилэр. Оччолорго учительскайга киирии олус кутталлаах, долгутуулаах буолара. Сарсыарда перемена кэмигэр кыргыттар илдьэн учительскай аанын аһан баран кэннибиттэн анньан кэбистилэр.

Хата учууталым баар эбит, турар-олорор учууталлар диэки көрбөккө эрэ учууталым иннигэр тиийэн «С Днем пионерии, Валерий Петрович!” диэн баран хаалтыспын баайан кэбистим. Хата тугу да ыйыппакка төҥкөйөн биэрбититтэн олус үөрбүтүм, учууталлар ытыстарын таһыммыттара, мин олох дьоруой курдук сананан үөрэн-көтөн тахсыбытым. Валерий Петрович учууталлар ортолоругар соҕотоҕун кыһыл хаалтыстаах үөрбүт, киэн туттан махтаммыт тылларын бу баар курдук өйдүүбүн.

Мин 50-ча сыл иитэр-үөрэтэр эйгэҕэ үлэлиир сылларбар убаастыыр учууталым соһуйбут, үөрбүт харахтарын кэмиттэн-кэмигэр өйдөөн-санаан кэлэбин. Учуутал түбүктээх суолун сулуһунан ааҕабын.

Хаартыска: Е.И. Гоголева тиксэриитэ.

Татьяна Дмитриевна Луковцева (Захарова):

— Валерий Петрович интеллигентнэй, кырасыабай, холку, оҕолору өйдүүр учуутал этэ. Уһун синньигэс атаҕар кыһын улахан хаатыҥка кэтэрэ. Кылааска үөрэтэ киирэригэр маҥнай хаатыҥката көстөрө. Бииргэ үөрэнэр доҕорбут Оконешников Коля дьиэтиттэн кинигэ аҕаллаҕына уларсан ааҕар этим. Биирдэ 1942 сыллаах халыҥ, сэрии туһунан кинигэни уларсан паартаҕа тобукпар ууран ааҕа олордохпуна учууталым кэлэн ылан баран уруок бүтүүтэ: «Захарова «4» — диэтэ, мин соһуйан хааллым. Муударай киһи устуоруйаны ааҕар эбит диэн бэлиэтии көрдөҕө. Ол кинигэни уларсан дьиэтигэр ааҕаары илдьэ барбыта.

Марианна Федоровна Толстоухова:

— Мин Валерий Петрович биһиэхэ зарубежнай литэрэтиирэни билиһиннэрбитин өйдүүбүн, тус бэйэм онтон араас суруйааччылар баалларын билбитим. Кэлин саныыр этим, барахсан биһигини сайыннара, билиһиннэрэ сатаабыт эбит. Тохсуска үөрэнэр сылбытыгар физика учуутала Клим Семенович Находкинныын Төлөйгө таһааран кэнсиэр көрдөттөрбүттэрэ, биһиги “Б” кылааска нуучча тылын, литэрэтиирэтин үөрэтэрэ. Кинигэни хайдах ааҕарга үөрэтэрин өйдүүбүн. Мин онтон ыла кинигэ ааҕарбын сөбүлүүр буолбутум, бибилэтиэкэҕэ өрүү сылдьарым.

Анна Семеновна Никифорова (Оконешникова):

— Валерий Петрович таҥаһа-саба олус аккуратнай буолааччы, мин наһаа мааны диэн көрөрүм, үөрэтэригэр хара-маҥан дьураалаах көстүүм кэтэрэ. Көтөх да киһиэхэ сөрү-сөп көстүүм баар эбит дуу, тыа сиригэр итинник оччолорго суоҕа буолуо дии саныырбыт. Саас сылааска түннүк таһыгар туран биһиэхэ кинигэ аахтарарын өйдүүбүн. Уруогун чуумпу баҕайытык ыытара, кини уруогар мэниктиирбитин олох өйдөөбөппүн. Уһун хоһоону өйгө үөрэтэрбэр эрэйдэнэр да этим.

Акулина Николаевна Аммосова (Мохначевская):

— Валерий Петрович кылаас салайааччытын быһыытынан олус эппиэтинэстээх уонна кыһамньылаах этэ. Араас дьаһаллар уонна эрэпэтииссийэлэр кэннилэриттэн киэһэ хойутаан хааллахпытына, кыргыттары дьиэлэригэр диэри атаарыҥ диэн уолаттартан көрдөһөрө.

Мин 10-с кылааска үөрэнэ сылдьан күһүн ыалдьан Чурапчы балыыһатыгар киирэн хаалбытым. Онно сыттахпына биирдэ учууталым үс бииргэ үөрэнэр оҕолорбун кытта кэлэн көрсүбүттэрэ. Оройуон киинигэр атын да наадаҕа киирбит буоллахтарына, миэхэ кэлэ сылдьыбыттарын күн бүгүҥҥэ диэри умнубаппын.

Уолаттартан Барашков Сеня уонна Слепцов Коля учууталларыгар чугас этилэр, кинилиин куруук кэпсэтэллэрэ. Ол да курдук Сеня нуучча тылын учууталынан, оттон Коля Камчаткага эспэдииссийэ авиатехнигынан нуучча эйгэтигэр үлэлээбиттэрэ.

Хаартыска: Е.И. Гоголева тиксэриитэ.

Анастасия Михайловна Сивцева (Смирникова):

— Оскуолага билиҥҥи курдук итии аһылык көрүллүбэт этэ, уһун переменаҕа интэринээт оҕолоро остолобуойдарыгар баран аһыыллара, оттон олохтоох оҕолор дьиэлэриттэн өйүөлээх кэлэллэрэ, ардыгар генеральнай убуоркаҕа оҕолору көмөлөһүннэрэллэрэ. Биирдэ уруок кэнниттэн түннүк сууйа хаалбыппытыгар Валерий Петрович дьиэтиттэн өйүө аҕалан сиэппитин кыбыста-кыбыста сиэбиппитин өйдүүбүн. Сорох оҕолор тулаайах аҥаардаахтарын учууталбыт өйдүүр этэ.

Михаил Афанасьевич Оконешников:

— Оччолорго физкултуура учууталлара баҕалаах оҕолору барыларын хабан, уруок кэнниттэн күүскэ дьарыктыыллара. Мин волейболга, баскетболга оскуола сүүмэрдэммит хамаандатыгар баарым. Биһиги дьарыктана сырыттахпытына Валерий Петрович эмиэ саалга сылдьара, дойдутугар, арааһа, спортивнай гимнастиканан дьарыктаммыт быһыылаага, этэ-сиинэ барыта быанан баайыллыбыт курдук быччыҥ этэ. Кольцога өр турара, угол тэбэрэ. Саалаҕа брусья, конь атын да дьарыктанар тэриллэр баалларыгар барытыгар эрчиллэрэ. Биһиги дьарыкпытыгар кыттан волейбол, баскетбол да оонньоон ылара. Оччолорго физкултуура учууталлара киэһэ хойукка диэри саалаҕа баар буолааччылар. Күрэхтэһиилэргэ кыттыбат да оҕолор кэлэн сааланы төгүрүччү туран бэйэлэрин спортсменнарыгар “ыалдьан” санааларын көтөҕөллөрө, тэлэбиисэр суоҕар оҕо барыта успуорду сэҥээрэн көрөрө.

Дмитрий Саввич Попов:

— Үөрэнэр дьиэлэрбит, спортивнай саалабыт, учууталлар уопсайдара барыта маһынан оттуллаллара. Саас аайы оскуола оҕолоро учууталлардыын бары оттук мас бэлэмнээһинигэр субуотунньуктуурбут, кылаастарынан хамаанда тэринэн, ким нуорматын түргэнник толороругар күрэхтэһэрбит, үлэ барыта илиинэн толоруллара. Валерий Петрович салайааччылаах биһиги 9-с “А” кылаас хамаандата бастакы сылбытыгар атыттарга кыайтаран, нуормабытын үс күнүнэн толорбуппут. Онтон 10-ка учууталбыт уопутуран, эрдэттэн бэлэмнэнэн, бэйэбит да биир сылынан улаатан, барыларын кыайбыппыт. Онон учууталбыт биһиэхэ кэлэн туох да үлэттэн толлубакка, оҕолору кытта тэҥҥэ сылдьан араас үлэ сатабылыгар үөрэммитэ.

Хаартыска: Е.И. Гоголева тиксэриитэ.

Мотрена Дмитриевна Толстоухова (Сорокоумова):

— Валерий Петрович Сэбиэскэй Сойуус саамай сылаас сириттэн Кубаньтан кэлбит эбит. Кини уһун уҥуохтаах, хатыҥыр этэ. Хайдах бачча тымныы дойдуга кэлбитин күн бүгүҥҥэ диэри дьиибэргиибин, ыйыынан эбитэ дуу, сурэҕин баҕатынан дуу. Кини өрүү тоҥорун өйдүүбүн, кыһын сирэйэ уонна илиитэ кып-кыһыл буолара. Наһаа эйэҕэс, баҕар, кинини эрэйдээбиппит буолуо да, хаһан даҕаны биһигини мөхпөт этэ.

Евдокия Иннокентьевна Гоголева:

— Биһиги нуучча тылын оскуолаҕа биридимиэт эрэ быһыытынан үөрэтэрбит, күннээҕигэ — сахабыт тылынан. Нууччалыы үчүгэйдик билбэппититтэн уруокка сыыһа-халты саҥарарбыт, оччого учууталбыт Валерий Петрович кытаран хаалара. Бэйэбит икки ардыбытыгар кэпсэтэрбитигэр учууталбыт үчүгэйин ахтыһарбыт, бары убаастыырбыт, кини эйэҕэс-сайаҕас уонна кырдьыксыт эрэ буолбакка өйдөөх уонна элбэҕи аахпыт, киэҥ билиилээх-көрүүлээх учуутал этэ.

Уһун кэмҥэ учууталбыт кэнники дьылҕатын туһунан истибэтэхпит, арай, бу соторутааҕыта үтүө сурах кэллэ, учууталбыт элбэҕи ситиспит, тыл билимин дуоктара буолбутуттан үөрдүбүт. Олоххо сыалыттан туораабатах, учуутал үрдүк аатын өрө тута сылдьар эбит.

Учуутал бэйэтин үөрэппит оҕолорунан аатырар-сураҕырар. 1972 сыллаахха Мугудай оскуолатын бүтэрбиттэр былырыын 50 сыллаах кыһыл көмүс үбүлүөйбүтүн бэлиэтээн, бэйэбитигэр өйдөбүнньүк буоллун диэн альбом-кинигэ бэчээттэппиппит. Аҥардас биһиги кылаастан Валерий Петровиһы батыһааччылар, учуутал сыралаах үлэтин талбыттар: Колесова Мария Гаврильевна, Чурапчы улууһун оскуолаларыгар муусука, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, РФ профтех үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Арассыыйа үтүөлээх педагога, СӨ үөрэҕириитин, профтех үөрэхтээһинин, култууратын туйгуна, олоҥхону айааччы уонна толорооччу; Барашков Семен Иннокентьевич, өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, оскуола дириэктэрэ, дойдутун дьоно талыытынан Бахсы нэһилиэгин Сельскэй сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, 1950-с сыллардааҕы холбоһуктааһын түмүгэр Алаҕар нэһилиэгин кытта холбоон, биир Бахсы нэһилиэгэ буолан олорбутун туспа арааран, Бахсы нэһилиэгин саҥаттан тэрийбитэ, СӨ Үөрэҕин министиэристибэтиттэн, Чурапчы улууһуттан наҕараадалардаах; Ноговицына Мария Тимофеевна, Чурапчы улууһун оскуолаларыгар өр сылларга устуоруйа учууталынан үлэлээбитэ, онтон Чурапчы дьаһалтатыгар социальнай салааны салайбыта, Үлэ уонна социальнай харысхал туйгуна, үлэтэ элбэх дьупулуомнарынан, кырааматаларынан бэлиэтэммитэ.

Хаартыска: Е.И.Гоголева тиксэриитэ.

Бииргэ үөрэммит атын оҕолорбут норуот хаһаайыстыбатыгар бэйэлэрин талбыт идэлэринэн уһуннук үлэлээн, бары үлэ бэтэрээнэ буолбуттара, түөрт киһи Арассыыйа наҕараадатынан бэлиэтэммитэ. Бары оҕолонон-урууланан, сиэннэнэн, уопсастыбаҕа туһалаах үтүө дьон буоларбытыгар учууталбыт Валерий Петрович өҥөтө баар. Учууталбытыгар кытаанах доруобуйаны, уһун, дьоллоох олоҕу баҕарабыт! Махтал буоллун, Учууталга!

Чурапчы улууһун Мугудай орто оскуолатын 1972 сыллаахха бүтэрбиттэр. 2023 сыл муус устар 23 күнэ.

Харда сурук

Ити истиҥ ахтыы кэнниттэн өр кэтэһиннэрбэккэ, бу курдук ис хоһоонноох сурук тигинээн кэлбит:

“Спасибо за Ваш труд, за то, что вы собрали бывших учеников моего класса и записали их воспоминания!

Мне было очень приятно читать эти строки. Сразу вспомнились годы работы в селе Мугудай, сердечные люди, сказочная природа. Очень рад тому, что у ребят и девочек все сложилось хорошо. Ваше письмо, фото и видео мы передали в музей Кубанского государственного университета, чтобы наши студенты могли узнать о Вашей школе и о людях Якутии.

Мне очень понравилось новое школьное здание, прекрасно оснащенные классные комнаты, чувствуется, что является центром жизни душой Мугудая. С большой теплотой вспоминаю всех, с кем мне довелось встретиться и подружиться за годы работы в Мугудайской школе. С удовольствием вспоминаю замечательную рыбалку, охоту и дружную работу по заготовке дров и льда. Давайте и дальше не терять друг друга из виду. Низкий поклон всем, кто меня помнит! Надеемся на будущее сотрудничество. С уважением, Валерий Петрович”.

Оччолорго үөрэҕин саҥа бүтэрэн үлэлии кэлбит эдэркээн учуутал, билигин тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр буола үүммүт, Кубаннааҕы судаарыстыбаннай университет хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ В. П. Абрамов баара-суоҕа үс сыл үлэлээбит сылларын өйдөөн-санаан суруйбута, Педагог уонна уһуйааччы сылынан Мугудай оскуолатын учууталларыгар, үөрэнээччилэригэр күндү бэлэҕинэн буолар.

What’s your Reaction?
+1
23
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

2 минуты ago
  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

14 минут ago
  • Сонуннар

Нерюнгриттан кэлбит ыалы аймахтара сүтэрбиттэрэ нэдиэлэ буолла

Дьокуускай полицията Юлия уонна Руслан Липадаттары көрдүүр. Кинилэр бу сыл ахсынньы 5 күнүттэн ыла аймахтарын…

15 минут ago
  • Бэрээдэк

Саха сиригэр үлэлээбит үс вьетнамеһы Арассыыйаттан таһаардылар

Саха сиригэр үс вьетнамец үлэлииллэригэр көҥүллэммит идэлэринэн буолбакка, атынынан дьарыктана сылдьаллара биллибит. Кинилэр кафеҕа үлэлии…

26 минут ago
  • Бэрээдэк

Биэнсийэлээх дьахтар төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыт

Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар биэнсийэлээх дьахтар 16 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыттарын туһунан иһитиннэрбит. Полиция…

44 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүҥҥүттэн киинэ тыйаатырдарыгар «Аптаах дорҕоон» киинэ көстүөҕэ

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…

1 час ago