Быйыл 11-с кылааһы бүтэрээччилэр биир кэлим эксээмэҥҥэ биир биридимиэти талан хаттаан туттаралларыгар кыах бэриллибитэ. Эһиил бу хайдах буолуой?
“Эһиил эмиэ маннык кыах бэриллиэ дуо?” – диэн эксээмэннээх оҕолор, төрөппүттэр номнуо туоһулаһаллар. Тустаах ыйытыыга аҕыйах хонуктааҕыта Үөрэҕи уонна билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа салайааччыта Анзор Музаев, эксээмэн боппуруоһунан, Бүтүн Арассыыйатааҕы төрөппүттэри кытта көрсүһүүтүн кэмигэр хоруйдаата. Оскуоланы бүтэрээччилэргэ биир биридимиэти талан хаттаан туттарар кыах сыллата баар буолуоҕа диэн кини эттэ. Ону тэҥэ, хаттаан туттарар түгэҥҥэ иккис эксээмэн түмүгэ эрэ учуоттаныаҕа, бастакы эксээмэн түмүгэ сотуллуоҕа диэн быһаарда.
Манна даҕатан эттэххэ, тустаах кыах быйылгыттан саҥа киирдэ. Оҕолор, төрөппүттэр билбэттэрэ-көрбөттөрө үгүс. Сорохтор иккиһин туттаран баран хайа баалбыт ордугун талыахпыт диэн суоттанан, оҕолор иккис эксээмэннэрин бастакытааҕар намыһах баалга туттаран кэбиһэн, муҥур ытаабыт түгэннэрдээхтэр. Онон биир кэлим эксээмэннээхтэр эһиилги сылга итини булгуччу учуоттууллара ирдэнэр.
Дойду үрдүнэн харахтарынан көрбөт дьоҥҥо туһуламмыт «Үрүҥ торуоска» аахсыйа сылын ахсын алтынньы ый 15 күнүттэн…
Быйыл үгэс быһыытынан "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ бэрт кэрэхсэбиллээх түгэннэри бэлэхтиэҕэ. Ол…
Бу күннэргэ Дьокуускайга урбаанньыт дьахталлар “Биисинэс эйгэтэ дьахтар көрүүтүнэн” бырайыак олоххо киириитин 10 сыллаах үбүлүөйүн…
Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо байыастарга анаан баһыылкалары бэлэмнээн, икки массыынанан Дьокуускайга ыыттылар. Бу туһунан улуус…
Бу күннэргэ баһылыктар сэбиэттэрин уочараттаах мунньаҕар Таатта улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уонна тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлээһин…
Кыһыҥҥы кэмҥэ кыыл-сүөл ордук эбии аһылыкка наадыйар. Эбии аһылыгы, тууһу уонна сэбирдэхтээх талахтары дьиикэй кыыллар…