Оскуола үөрэнээччитэ «Тойота» массыына саппаас чааһын оҥордо
17.01.2023, 19:49
Бөлөххө киир:
Уус Алданнааҕы Мүрү Уолан гимназиятын үөрэнээччитэ Айтал Матвеев “Тойота” массыына саппаас чааһын оҥорон дьону сөхтөрдө.
Ол курдук, уолчаан талааннааҕын, дьоҕурдааҕын аан бастаан физика учуутала Арыйан Спиридонов бэлиэтии көрбүт. Кини уолу физика олимпиадаларыгар кытыннаран оҕо дьоҕурун, талаанын арыйарга ылсыбыт. Ол курдук, маарка массыыналарын илин чааһын гранататын быылтан, киртэн-хохтон көмүскүүр уонна биһиги тымныы кыһыммытыгар сөптөөх эрэһиинэ пыльнигы айан таһаарбыттар. Уол оҥорон таһаарбыт пыльнига номнуо сөптөөх тургутугу ааспыт. Оттон собуокка оҥоһуллубут пыльник улахан тымныыны уйбатах.
Былаан быһыытынан Арыйан оҥорбут пыльник диэн саппаас чааһын “Тойота” массыыналаах суоппардарга биэрэн өссө тургутугу аһардар былааннаахтар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: