Островскай уулуссаны хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн арыйдылар

Share

Бүгүн Дьокуускай куорат Островскай уулуссатын хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар. Суол уһуна 265 миэтэрэ. Ол эрээри, куоракка улахан суолталааах.

Тустаах суолу “Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак иитинэн өрөмүөннээтилэр. Суол уһуна 265 миэтэрэҕэ тэҥнэһэр, кэтитэ – 6 миэтэрэ, биир балаһа кэтитэ – 2 миэтэрэ, ыллык суол кэтитэ – 2 миэтэрэ. Бэдэрээтчитинэн “Сэттэ” ХЭУо буолар.

Куорат баһылыга Евгений Григорьев суол үлэһиттэрин бүгүҥҥү идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээн туран:

— Кэлиҥҥи биэс сылга “Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак көмөтүнэн куоракка аҥаардас муниципальнай сакаасчытынан 160 км тахса усталаах суол өрөмүөннэннэ. Манна өрөспүүбүлүкэтээҕи сакааһы аахтахха 180 км кэриҥэ усталаах суол буолар. Ханна суол оҥоһуллар – онно сайдыы барар. Барыта 265 миэтэрэ усталаах Островскай уулусса уонунан тыһыынча олохтооххо, 17 нүөмэрдээх оскуолаҕа улахан суолталаах, — диэн эттэ.

Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов:

— “Главстрой” МКУ, “Сэттэ” ХЭУо тэрилтэлэринэн сирэйдээн, суол хаһаайыстыбатын бары үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыкпытынан эҕэрдэлиибин. Чаас  анараа өттүгэр эрэгийиэннээҕи суолталаах, уон килэмиэтирдээх «Нам» массыына суолун биир учаастагын арыйдыбыт. Өссө уон килэмиэтири болдьоҕун иннинэ туттардыбыт, — диэн эттэ.

Суол өрөмүөннэнэриттэн олохтоохтор, оҕолор, массыыналаахтар – бары үөрэллэр.  Дьокуускай куорат олохтооҕо, 17-с оскуола учуутала, социальнай педагога Вера Гоголева:

— Куоракка олохсуйбутум сүүрбэччэ сыл буолла. Ол тухары куораппыт тупса, уларыйа турар, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр дьэндэһэн иһэллэр. Суолларбытын анаан оҥороллоруттан олус үөрэбит.

17-с нүөмэрдээх оскуолаҕа 1,5 тыһ. тахса оҕо үөрэнэр. Билиҥҥи дьиэбитигэр элбэх оҕо баппат. Инньэ гынан, иккис куорпуһу арыйтарбыппыт. Икки куорпус икки ардыгар сылдьарбытыгар бу суол эрдэ олус эрэйдээх этэ. Ардах түстэҕинэ бадарааннанар, кыһынын хаардаах, халтараан, аны массыыналар кэлэн турунан кэбиһэллэр. Билигин суол өрөмүөннэнэн сатыы сылдьааччыларга туспа ыллык оҥоһулунна, барыта күрүөлэннэ-хаһааланна, оҕолорго, учууталларга табыгастаах буолла. Онон куорат олохтоохторун күннээҕи кыһалҕаларыгар болҕомтолорун уураллара сылтан-сыл тупсан иһэриттэн олохтоох дьаһалтаҕа улахан махталбытын тириэрдэбит, — диэн санаатын үллэстэр.

Хаартыска: Людмила Попова.
Хаартыска: Людмила Попова.
What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

2 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ханна ноҕурууска улаханый?

Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…

3 часа ago