Остуруок турбут сирэ өссө тугу кэпсиир
Дьокуускайга Каландаришвили уулуссатыгар, норуокка биллэринэн, “Чароит” музыкальнай солуон турбут сирин кэннигэр археологическай хаһыылары оҥоро сылдьаллар.
Бу миэстэҕэ хас да этээстээх саҥа таас дьиэ тутуллан тахсыахтаах. Дьэ ол иннинэ баттаһан, бу үлэлэри ыыта сылдьаллар. Былыргыта манна остуруок турбут буолан, XVII үйэттэн куорат эргийэр киинэ этэ, манна Бойобуода кэнсэлээрийэтэ баара, байыаннай гарнизон сулууспалыыра. Аттыгар саамай былыргы таас тутуу – Свято-Троицкай собуор турара. Бу барыта Дьокуускай 18-с үйэтээҕи каартатыгар, сурукка киирэн бигэргэтиллибитэ. Өссө 2012-2014 сс. эспэдииссийэ тэриллэн, археологическай хаһыылары оҥороллорун саҕалаабыттара уонна ол түмүгүнэн бу сир 2016 с. “Дьокуускай остуруога” диэн ааттанан, эрэгийиэн култуурунай нэһилиэстибэтин эбийиэктэригэр киирбитэ. Сокуон быһыытынан, археологическай үлэлэри ыыппакка эрэ, саҥа дьиэни тутар бырааптара суох.
Дьокуускай остуруогун бүтэһик хаалбыт мас башнята, хомойуох иһин, 2002 сыллаахха атырдьах ыйын 22 күнүгэр умайбыта. Бу Уһук Илиҥҥэ соҕотох хаалбыт тутуу этэ.
Туос суруктар
Билигин манна ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар үлэлии үөрүйэх “Хотугу археология-1” научнай-чинчийэр түмсүү ыҥырыллан үлэлии сылдьар. Салайааччыларынан РНА СС Археологияҕа уонна этнографияҕа институтун научнай үлэһитэ Георгий Визгалов уонна “Хотугу археология-1” научнай-чинчийэр түмсүү археолога, Сургуттааҕы университет үлэһитэ Иван Фролов буолаллар.
Дьокуускайдааҕы остуруок хаста да көһөрүллэн тутуллубута биллэр. Бу саамай кэнники, 1680 сыллааҕы тутуунан буолар. Ол 1701 сыллаахха умайбыт. Онон чинчийии үксүн сир анныгар чөл хаалбыт “бойобуода бадыбааллара” дэнэр сирдэргэ ыытыллар.
Дьэ бу “бойобуода бадыбаалыгар” бэс ыйын 18 күнүгэр чэрэниилэнэн суруллубут туос сурук сорҕотун булан ылбыттара. Ол кэнниттэн өссө 8 сурук сорҕото көстүбүтэ. Биллэн турар, урут кумааҕы кэмчи кэмигэр (Саха сиригэр оччолорго хантан кэлиэй) туоска суруйаллара. Учуонайдар маны XVII үйэтээҕи түргэн суруйуу (скоропись) диэн быһаардылар. Чэрэниилэнэн суруллубут бэрт нэһиилэ көстөр сурукка дьаһаах хомуллуутун туһунан кэпсэммит. Археологтар бу булумньуну бойобуода кэнсэлээрийэтин архыыбын суруктара буолуо диэн сабаҕалыыллар. Маннык туос сурук дойду үрдүнэн төрдүс эрэ булуллуута. Онон бу сэдэх суруктары сөптөөх сиргэ харайар сорук турар.
Бу бадыбаалга туос суруктары таһынан өссө ыраахтааҕы Михаил Федорович Романов салайбыт кэминээҕи үрүҥ көмүс манньыат көһүннэ (оруобуна ити кэмҥэ остуруок тутуллубут).
Тоҥ сиргэ түөрт үйэ сыппыт мастар
Булумньу манан эрэ бүппэт. Археологтар биир дьиэ оннун хаһан таһаара сылдьаллар, муостатын хараабыл маһыттан оҥоһуллубут диэн быһаардылар. Көрдөххө, бэрт чиҥ мас, улаханнык туох да буолбатах. Телеграм-ханаалларга ааҕааччылар хантан кэлбит мас буоларын туһунан мөккүһэллэр, ким эрэ дууп, ким эрэ кедр, ким эрэ биһиги тииппит диир. Дьэ ону эспэртиисэ быһаарыа турдаҕа. Оттон уу аалын мастарын туһааннаах сирдэригэр кэлбиттэрин кэннэ, ыһан дьиэ туталлара уруккуттан баар дьыала буолар.
Археологическай хаһыы буола турар сиригэр балачча элбэх эдэр дьон буһа-хата үлэлии сылдьар. Сорохтор күрдьэҕинэн буору хаһаллар, ону атыттар таачыканан туора илдьэн куталлар, быһата үлэ тигинии турар.
Артур Терехов, Кэбээйи орто оскуолатын үөрэнээччитэ, куоракка сайылыы кэлбит:
– Табаарыһым үлэҕэ киирэҕин дуо диэбитигэр сөбүлэспитим. Биһигини бу судургу үлэҕэ илдьэ сылдьаллар. Икки нэдиэлэ буола-буола төлүүллэр. Хаһа сылдьан, ол-бу малы буллахтарына, бары тэҥҥэ үөрэбит.
Иван Фролов, археолог:
– Туос суруктары билигин пресс анныгар уган баттата сытыараллар. Көммүтүн кэннэ биирдэ үөрэтиэхтэрэ. Чэрэниилэнэн суруллубут буолан сэрэхтээхтэр, сырдыкка түбэстилэр да сотуллан хаалыахтарын сөп. Бу дьаһаах кинигэтиттэн ордон хаалбыт туос суруктар буолуохтарын сөп.
Оттон бу “бойобуода бадыбаала” диир сирбититтэн көстүбүт мастар ирбэт тоҥҥо сыппыт буолан, олус бэркэ хараллыбыттар. Оттон үөһэ араҥаҕа түбэспиттэр эмэҕирбиттэр. Бу устар ааллар мастара буолара чуолкай. Балартан быһан ылан, дендрохронологическай анаалыска ыыттыбыт. Муоста мастарын көтөхпүппүт кэннэ, 40 см эмиэ култуурунай араҥа саҕаланар. Онон бииртэн биир култуурунай араҥаны ириэрэ-ириэрэ өссө аллара түһэн иһиэхпит.
Ааптар хаартыскалара уонна Ил Дархан А.С.Николаев ТГ-ханаалыттан ылылынна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: