Урут Дьокуускайдааҕы остуруок турбут сиригэр — Каландаришвили уулуссатын уонна Марк Жирков переулогын быһа охсуһууларын диэки, Опера уонна балет тыйаатырын кэннинэн археологическай хаһыылар ыытыллыахтара. Бу сиргэ кэлин элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллуохтаах. Ол иннинэ 2000 кв.м. иэннээх сиргэ археологическай хаһыы ыытыллара оруннаах диэн Саха сирин култуурунай нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстыыр департамена иһитиннэрэр.
Дьокуускайдааҕы остуруок 2016 сылтан өрөспүүбүлүкэ археологическай нэһилиэстибэтин эбийиэгэ буолар. Остуруок 17-с үйэҕэ тутуллуоҕуттан, куорат килбэйэр киинэ буолар. Онон түөрт үйэ кэриҥэ кэм устата олох-дьаһах хайдах эбитин археологтар буор араҥаларын быыһыттан булан таһаарыахтара.
Бу сиргэ элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэни «Голдлайн» хампаанньа тутуохтаах. Өскөтүн археологическай хаһыыларга туох эрэ сыаналаах көһүннэҕинэ, дьиэни тутуу өссө тохтотуллуон сөп. Онон, дьиэ тутулларыгар көҥүл археологическай хаһыы түмүгүнэн бэриллиэҕэ.
Улахан таас дьиэ өссө биир үйэ турар кэриҥнээх. Онон тутуллуон иннинэ археологическай хаһыылары оҥорон, куораппыт устуоруйатын чинчийэр, дьиҥнээх эспэнээттэри булар улахан суолталаах. Ким билэр, баҕар, археологтар олус сыаналаах эспэнээти булан таһаарыахтара?
Гражданскай оборуона дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор куттала суох буолуутун хааччыйыы миниистирин собуйааччы Яна Наумова киэһээҥҥи…
Күннээҕи олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр дьон түөкүттэр бааллар эбит. Аны оскуоланы бүтэрээри сылдьар оҕолорго үрдүк…
Ырыа күнүгэр аналлаах кэнсиэртэр оптуорунньукка, ыам ыйын 21 күнүгэр, Саха сирин бары куораттарыгар уонна сэлиэнньэлэригэр…
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Нам улууһугар оробуочай сырыытын чэрчитинэн, Хатырык олохтоохторун кытары көрсүһүү тэрийэн…
Өлүөхүмэ, Нам улуустарыгар халаан уутун содулун көрөн, киһи долгуйар, хараастар. Онон дьон-сэргэ уталыппакка эмсэҕэлээбиттэргэ бэйэтин…
Бу туһунан Саха сирин бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов иһитиннэрдэ. Нам улууһугар халаан уутуттан үөрэх…