От атыылаһарга сайаапкалаабыттар

Share

Хоту улуустарга кыстык билиҥҥитэ этэҥҥэ баран иһэр. Эбээн Бытантай Дьарҕаалаах нэһилиэгэр (баһ. Л.В.Горохов)  быйыл сайын оттооһуҥҥа күчүмэҕэйдэри көрсө сылдьыбыта.  Онон кэтэх хаһаайыстыбалар от атыылаһарга сайаапка түһэрэн баран, сорохтор аккастаммыттар. Онон билиҥҥи туругунан 12 т сакаастаабыттар. Дэриэбинэттэн чугас оттуур буолан, отторун тыраахтарынан, массыынанан кэпсэтэн тиэйтэрэллэр эбит.

Оттон Кустуурга бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн анал бөлөх тиийэ сырытта. 250 т отунан сыл тахсыахтаахтар эрээри, 200 т оттоохтор. Онон 65 т атыылаһаары сайаапкалаабыттар. Нэһилиэккэ уопсайа 340 сылгы, кэтэх ыалларга 125 ынах сүөһү, бааһынай-пиэрмэр хаһаайыстыбаларыгар 80 сүөһү кыстаан турар.

Аллайыаха Быйаҥныыр нэһилиэгэр сүөһү кыстыга этэҥҥэ баран иһэр. Аҕыйах сүөһүлээх, сылгылаах да буолан, отторо, уотурбалара тиийэр.

Халаан күчүмэҕэйдэрин туораабыт Дьааҥы Дулҕалааҕар билиҥҥитэ кыстык этэҥҥэ баран иһэр. Сайын кыстыыр отторун 40 эрэ бырыһыанын булуммуттара. Онон Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ от аҕалыахпыт диэн эрэнэн олороллор. Уотурбаны, эбиэһи, гранулированнай от сакаастаабыттар. 112 куул уотурба, 299 куул эбиэс тиксибит. Ону үллэрбиттэр. Холобура, 2 сылгыга – биирдии  куул эбиэс. Нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Ариан Чукров этэринэн, быйыл сылгы хаһыыта үчүгэй буолар чинчилээх, билиҥҥитэ хаар чараас. Дулҕалаахха сылгы ахсаана сыыйа эбиллэн иһэрэ үөрдэр. 104 ынах сүөһү баар буоллаҕына, 634 сылгылаахтар.

Хаартыска:  архыып

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

43 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?

Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…

2 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

2 часа ago