От күөҕэ Луо сыла тугу тосхойор?
Саҥа үүнэр 2024 сыл тугу бэлэмниир эбитий? Ааһан эрэр сылбытыгар Хара уу куруолуга хаһаайыннаан олорбута. Кытай гороскобар Луо сүрүн миэстэни ылар. Кини суһал быһаарыныы ылынар, суостаах, тэтимнээх, түргэнник уларыйымтыа майгылаах. Тулалыыр дьону кириитикэлиир, бар дьон болҕомтотун ыларга дьулуһар, аатырарын-сураҕырарын астынар. Доҕордоһууну сыаналыыр, тапталга бэриниилээх бэлиэ.
ЛУО (1952, 1964, 1976, 1988, 2000, 2012)
Луо былаастаах, бэйэтин билинэр бэлиэ. Үүнэр сыл саҥа саҕалааһыннары түстүүр. Үлэҕэ-хамнаска олус ситиһиилээх сыл буолууһу. Ону сэргэ Луо тус олоҕор да табыллыаҕа. Истиҥ көрсүһүүлэр, саҥа билсиһиилэр уонна элбэх болҕомто күүтүүһүк. Оттон кэргэннээх, оҕолордоох-уруулардаах дьон үөрүүтэ икки бүк үрдүүһүк. Онон хорсуннук саҥа сылы көрсөргө бэлэм буол, бу үүнэр сыл эйиэхэ дьолунан тосхойуо.
МОҔОЙ (1953, 1965, 1977, 1989, 2001, 2013)
Үлэнэн үрдүүргэ табыгастаах сыл үүммүт. Үп-харчы эн сиэпкэр харса суох киирииһи. Онон 2024 сылга моҕой саҕа дьоллоох кыыл суох буолууһу. Ол эрээри луо төһө даҕаны моҕойу кытта биир төрүттээх буоллаллар, кини сэрэхтээхтик сыһыаннаһар. Атын дьон олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар орооспокко сырыттаххына, сыл бэркэ ааһыаҕа. Дьиэ кэргэҥҥинэн, үлэҕинэн эрэ үлүһүйдэххинэ, сыл бүтүүтэ ситиһиигин ааҕартан соло булуоҥ суоҕа. Бу сыл өр сыллаах баҕа санааҥ туолуон сөп. Ол бэйэҕиттэн тутулуктаах.
АТ (1954, 1966, 1978, 1990, 2002, 2014)
Үүнэр сыл ат бэлиэлээхтэргэ үбү-харчыны үрүлүтүө. Тус сөбүлүүр дьарыккынан ылсан көҥүллүк тыыныаҥ. Үлэни-хамнаһы уларытарга тоҕоостоох буолууһу. Уһуннук уустугурда сылдьыбатаххына, барытыгар табыллыаҥ. Дьону кытта уопсай тылы булуоҥ. Тапталга табыллан, ыал буолуоххун сөп. Эрэсиими тутуһан, успуордунан дьарыктанан, салгыҥҥа элбэхтик сырыттаххына, доруобуйаҕар барыта этэҥҥэ буолуоҕа.
КОЗА (1955, 1967, 1979, 1991, 2003, 2015)
Аптарытыаккын үрдэтэргэр табыгастаах түгэннэр тосхойууһуктар. Луо өйөбүлүн туһанан ылсыбатах дьыалаҕар боруобаланан көрүөххүн сөп. Бу ханнык да хайысхаҕа ситиһиини эрэ аҕалыаҕа. Бэйэҥ бааргын көрдөрөр кэмиҥ. Айар куттаах козалар атын таһымҥа тахсан өйдөрө-санаалара үчүгэй эрэ өттүгэр уларыйыыһык. Үлэҕэ-хамнаска табыллыы күүтэр. Сүрэҕэлдьээн олорон хаалбатаххына, ситиһии сиэттиһэ сылдьыыһык.
ЭБИСИЙЭЭНЭ (1956, 1968, 1980, 1992, 2004, 2016)
Бу сыл чуумпутук саҕаланыыһык. Туппуккун ыһыктыбат туһуттан балачча көлөһүҥҥүн тоҕууһуккун. Ордук туораттан маныыр оруолу толорууһуккун. Тулалыыр эйгэҕин кытта уопсай тылы буллаххына, барыта этэҥҥэ буолуоҕа. Бу эн дьиэ кэргэҥҥэр, аймахтаргар ыкса сыһыаннаах буолуоҕа. Бэйэҥ эрэ эппиккин өрө тутар, дьиэ кэргэниҥ кыра саастаах чилиэннэрин болҕомтоҕо ылбатаххына, өр кэмҥэ хомойууһуктар. Үлэ-хамнас, үп-харчы өттүгэр улахан ситиһии суох. Ол эрээри дьиэ кэргэҥҥэр истиҥ сыһыан, кыһамньы уонна күннээҕи үөрүү тугун билиэҕиҥ.
БӨТҮҮК (1957, 1969, 1981, 1993, 2005, 2017)
Омуннаах-төлөннөөх бөтүүгү үгүс уларыйыы күүтэр. Тус олоххун оҥосторгор, үлэҕин уларытаргар табыгастаах сыл буолууһу. Урукку кыһалҕаларыҥ этэҥҥэ быһаарыллан, санааҥ көтөҕүллүө. Сыл иккис аҥаарыгар улахан былааннары хорсуннук олоххо киллэриэххин сөп. Ол туһуттан тугу да умнан үлэлээтэххинэ, барыта табыллыаҕа. Тулуурдаах үлэҥ уонна кыһамньыҥ иһин сыл бүтүүтэ дьылҕа бэлэҕин тутан дуоһуйуоҥ.
ЫТ (1958, 1970, 1982, 1994, 2006)
Саҥа бырайыактары олоххо киллэриигэ ылсыаҥ. Харчылаһар хайысханы тобулуоҥ. Ыт бэлиэлээх бэйэтин туһунан хаһан да санаабат. Кини куруук чугас дьонун кыһалҕатынан олорор. Үүнэр сылга тус бэйэҕин өрө тутан сынньанарга, айар үлэҕинэн дуоһуйарга дьулус. Сыл устата сэниэлээх сылдьар туһуттан сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыы, успуордунан дьарыктаныы көмөлөһүөҕэ. Тапталга табыллыы күүтэр. Бу тус олоххун быһаарар сүрүн боппуруоска болҕомтолоох буол.
СИБИИННЬЭ (1959, 1971, 1983, 1995, 2007, 2019)
Ааһан эрэр сыл сибиинньэҕэ ситиһиилээх этэ. Куруолук киниэхэ биир тиэргэн кыыла буолан сымнаҕастык сыһыаннаһан кэлбитэ. Ол эрээри Луо да сыла сибиинньэҕэ куһаҕана суохтук саҕаланыыһык. Уруккуттан ыра санаа ымыыта оҥостубут баҕа санааҕын олоххо киллэриэххин сөп. Үлэҕинэн үрдүүргэр уонна тус олоххун саҥа үктэлгэ үрдэтэргэр табыгастаах сыл буолуоҕа. Биисинэс эйгэтигэр саҥа хайысхалары тобулуоҥ. Саарбахтыыр санааттан босхолонуоҥ. Сыл иккис аҥаарыгар уһуннук күүппүт сынньалаҥыҥ улахан дуоһуйууну аҕалыыһы.
КУТУЙАХ (1960, 1972, 1984, 1996, 2008)
Уустук сыл кэнниттэн кутуйахха дьэ, ситиһиилээх сыл буолууһу. Луону кытта кутуйах доҕордуу сыһыаннаах. Үүнэр сылга кутуйах мындыр толкуйа ситиһиини аҕалыа. Дьиктитэ диэн үүнэр сылга кутуйах үлэнэн үлүһүйүө суоҕа. Ис эйгэтигэр, тулалыыр дьону кытта сыһыаҥҥа болҕомтотун ууруоҕа. Айар үлэлээх кутуйахтар таптал иэйиитигэр куустарыахтара. Ыал буолуу, эбиллии күүтэр. Уопсастыбаҕа убаастабылы ылан бар дьон биһирэбилин ылыаххын сөп.
ОҔУС (1961, 1973, 1985, 1997, 2009)
От күөҕэ Луо сыла оҕуска кимиилээхтик саҕаланыаҕа. Ол эрээри, бу икки бэлиэ бэйэ-бэйэлэригэр холку, сымнаҕас сыһыаннаахтар. Төһө да оҕус үлэһит кыыл буоллар, саҥа үүнэр сылга баҕарбытын барытын ситиһэр кыахтаныа суоҕа. Арай тус биисинэстээхтэргэ, успуорка сыһыаннаахтарга ситиһии тосхойуоҕа. Бу ситиһии оҕус өһөс уонна санаабытын ситиһэр дьоҕуруттан улахан тутулуктаах. Тапталга оҕус талымаһа суох. Кини олус эрэллээх. Тус олохторун оҥосто иликтэр бу сылга сүрэхтэрин аҥаарын көрсүөхтэрин сөп.
БААБЫР (1962, 1974, 1986, 1998, 2010)
Олус ситиһиилээх, үгүс бэлиэ түгэннэрдээх сыл үүнүүһүк. Үлэҕэр-хамнаскар хаһан даҕаны буолбатах ситиһии тосхойуон сөп. Ыраах айан, барыы-кэлии ситиһиини түстүөҕэ. Луо баабыр майгытын хам баттыа суоҕа. Онон баабыр кубулҕат майгытын бу сылга хото туһанан тапталга да, үлэҕэ да табыллыан сөп.
КУРУОЛУК (1963, 1975, 1987,1999, 2011)
Куруолукка уустук сыл үүнүүһүк. Луо ураты, уларыйымтыа майгытыгар куруолук сөп түбэһэ сатыахтаах. Бэйэтин быраабын көмүскэнэргэ бэлэм буолуохтаах. Үлэ-хамнас куруолукка сэрии толоонун санатыаҕа. Ол эрээри, кини бэйэтин интэриэһин сатаан көмүскүүр буоллаҕына, оннооҕор уотунан уһуурар луо толлуоҕа. Таптал туһугар туруулаһыы көмөлөһүөҕэ. Чугас доҕоргун сүтэрбэт туһуттан бары үчүгэй хаачыстыбаҕын көрдөрүөххүн наада. Оттон доруобуйаҕа дьэ, барыта этэҥҥэ буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: