От ыйын 1 күнүттэн коммунальнай өҥө төлөбүрэ ортотунан 9,5% үрдүөҕэ. Ханнык өҥөлөргө, төһө?
Санатан эттэххэ, дьиэ-уот, коммунальнай өҥө төлөбүрүн суумата балтараа сыл анараа өттүгэр индексацияламмыта.
«Коммунальнай өҥөҕө барытыгар ортотунан 9,5% үрдээһин оҥоһуллар. Нэһилиэнньэ ордук улахан төлөбүрү сылааһы биэрии иһин оҥорор, бу тарыып 9,5%, уот төлөбүрэ 8,9% үрдүөҕэ”, — диэн Саха сиригэр сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Николай Бочков иһитиннэрдэ.
Дьокуускайга өҥөнү араас тэрилтэлэр оҥороллор. «Водоканал» — 9,5%, ПТСК — 9,5%, «Прометей» – 2,8% , Мархаҕа — 12%, Табаҕаҕа – 9,5% үрдүүр.
От ыйын 1 күнүттэн маннык тарыыптар олохтоноллор:
- -Уокка биир ыстаапкалаах тарыып — 8,9%, күнүскү/түүҥҥү тарыып. кВт.чааска 58 кэпиэйкэттэн 1 солк. 59 кэпиэйкэҕэ тиийэ;
- -уотунан сылытыы – 12,3%;
- -гааһынан хааччыйыы– 10,7%;
- — киинтэн сылытыы — 9,5-тэн 10%;
- -тымныы уунан хааччыйыы – 9,5% (1,1- 23%);
- -итии уунан хааччыйыы – 9,5%;
- — ууну ыытыы – 9,0%;
- — кытаанах оттуктартан: мас – 9,5%, чох – 5,5%.
Дьокуускайга үс киһиттэн ордук чилиэннээх дьиэ кэргэҥҥэ коммунальнай өҥөлөр төлөбүрдэрэ ортотунан улааталлар:
-Толору хааччыллыылаах кыбартыыраҕа (63 м²) —1000 солкуобайынан; ситэри хааччыллыыта суох кыбартыыраҕа (48 м²) —750 солкуобайынан; гаастаах дьиэҕэ (90 м²) —700 солкуобайынан.
Чурапчы улууһугар:
-Толору хааччыллыылаах кыбартыыраҕа (63 м²) —700 солкуобайынан; ситэри хааччыллыыта суох кыбартыыраҕа (48 м²) —350 солкуобайынан; оһоҕунан оттуллар дьиэҕэ (90 м²) — 500 солкуобайынан.
Мииринэй улууһугар:
-Толору хааччыллыылаах кыбартыыраҕа (63 м²) —1200 солкуобайынан; ситэри хааччыллыыта суох кыбартыыраҕа (48 м²) — 400 солкуобайынан; гааһынан сылытыллар дьиэҕэ (90 м²) — 800 солкуобайынан; уотунан сылытыллар дьиэҕэ (90 м²) —1000 солкуобайынан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: