От ыйын 1 күнүттэн коммунальнай өҥө төлөбүрэ  ортотунан 9,5% үрдүөҕэ. Ханнык өҥөлөргө, төһө?

Share

Санатан эттэххэ, дьиэ-уот, коммунальнай өҥө төлөбүрүн суумата балтараа сыл анараа өттүгэр индексацияламмыта.

«Коммунальнай өҥөҕө барытыгар ортотунан  9,5% үрдээһин оҥоһуллар. Нэһилиэнньэ ордук улахан төлөбүрү сылааһы биэрии иһин оҥорор, бу тарыып 9,5%, уот төлөбүрэ 8,9% үрдүөҕэ”, — диэн Саха сиригэр сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Николай Бочков иһитиннэрдэ.

Дьокуускайга өҥөнү араас тэрилтэлэр оҥороллор. «Водоканал» — 9,5%, ПТСК — 9,5%, «Прометей» – 2,8% , Мархаҕа — 12%,  Табаҕаҕа – 9,5% үрдүүр.

От ыйын 1 күнүттэн маннык тарыыптар олохтоноллор:

  • -Уокка биир ыстаапкалаах тарыып — 8,9%, күнүскү/түүҥҥү тарыып. кВт.чааска 58 кэпиэйкэттэн  1 солк. 59 кэпиэйкэҕэ тиийэ;
  • -уотунан сылытыы – 12,3%;
  • -гааһынан хааччыйыы– 10,7%;
  • — киинтэн сылытыы — 9,5-тэн 10%;
  • -тымныы уунан хааччыйыы  – 9,5% (1,1- 23%);
  • -итии уунан хааччыйыы – 9,5%;
  • — ууну ыытыы – 9,0%;
  • — кытаанах оттуктартан: мас – 9,5%, чох – 5,5%.

Дьокуускайга үс киһиттэн ордук чилиэннээх дьиэ кэргэҥҥэ коммунальнай өҥөлөр төлөбүрдэрэ ортотунан улааталлар:

-Толору хааччыллыылаах кыбартыыраҕа (63 м²) —1000 солкуобайынан; ситэри хааччыллыыта суох кыбартыыраҕа   (48 м²) —750 солкуобайынан; гаастаах дьиэҕэ  (90 м²) —700 солкуобайынан.

Чурапчы улууһугар:

-Толору хааччыллыылаах кыбартыыраҕа  (63 м²) —700 солкуобайынан;  ситэри хааччыллыыта суох кыбартыыраҕа  (48 м²) —350 солкуобайынан; оһоҕунан оттуллар дьиэҕэ  (90 м²) — 500 солкуобайынан.

Мииринэй улууһугар:

-Толору хааччыллыылаах кыбартыыраҕа  (63 м²) —1200 солкуобайынан; ситэри хааччыллыыта суох кыбартыыраҕа  (48 м²) — 400 солкуобайынан; гааһынан сылытыллар дьиэҕэ  (90 м²) — 800 солкуобайынан;  уотунан сылытыллар дьиэҕэ  (90 м²) —1000 солкуобайынан.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
6
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

36 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago